Нам улууһун Түбэ нэһилиэгэр, Лены уонна Алдан өрүстэр алтыһыыларыгар, хонтуруоллуур-быыһыыр пуун арыллыаҕа. Докумуоҥҥа «Госкомобеспечение», «Служба спасения» тэрилтэлэр уонна Нам улууһун, Түбэ нэһилиэгин дьаһалталара илии баттаатылар.
Хонтуруоллуур-быыһыыр пуун Алдан уонна Лена өрүстэргэ балаһыанньаны суһаллык билэн олоруо. Түбэ нэһилиэгин баһылыга Константин Федоров эппитинэн, олохтоохтор, кини тус бэйэтэ былырыын дьону уу саахалыттан быыһыырга элбэхтэ сылдьыбыттар.
Уу халаанын анаалыстаан баран, Алдан уонна Лена өрүстэр алтыһыыларыгар олорор дьон ордук уу быһылааныгар түбэһэллэр. Ити Нам, Кэбээйи, Уус Алдан улуустара.
Нэһилиэк территориятыгар саҥа тэриллэрр пууҥҥа анаан дьиэ уонна гараж аныахтара. Массыыналаах уонна тыылаах буолуохтара. «Өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар куттал суох буолуутугар үлэлиибит. Быыһыыр сулууспа билигин аҕыс оройуоҥҥа тирэхтээх. Ааспыт сылга Чурапчыга, Тааттаҕа, Дьааҥыга пууннары арыйбыппыт. Билигин бу Нам улууһугар», — диэтэ «Госкомобеспечение» тэрилтэ салайааччыта Дмитрий Лепчиков.
This post was published on 22.03.2023 11:01 11:01