Быйыл саха биир уһулуччулаах суруйааччыта Николай Егорович Мординов – Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сыла бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ түгэни көрсө, И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан аатынан Намнааҕы начальнай оскуолаҕа “Саха сээркээн сэһэнньитэ” диэн оҕолорго аналлаах тэрээһин буолла.
Амма Аччыгыйа оҕолорго анаан суруйбут үгүс уус-уран айымньылаах. Кини “Бэлэм буол” хаһыакка отучча сыл үлэлээбитэ, ону туоһулаан бу күн оскуола оҕолоро пионерскай кыһыл хаалтыстаах сырыттылар уонна тапталлаах суруйааччыларын айымньыларын аахтылар.
Хас биирдии кылаас оҕолоро Амма Аччыгыйа “Тоҕус төгүл тоҕо” айымньытынан сценка оҥорон оонньоон көрдөрдүлэр. Тэрээһин кэмигэр сорох оҕолор кинигэлэрин тутан олорон, тута ханнык “Тоҕо” буоларын таайдылар, герой тугу сыыспытын эттилэр. Сценкаҕа куһаҕан быһыы, үчүгэй өрүт, үтүө санаа диэни арааран бэлиэтии көрөллөрө үөрдэр. Оҕону сиэргэ-майгыга иитиигэ олус суолталаах тэрээһин буолла. Оттон саамай уратыта – бу айымньыттан сиэттэрэн оҕолор бэйэлэрэ «Онус тоҕо?» айан суруйдулар. «Онус тоҕо?» айар түһүмэх кыттыылаахтара, кыайыылаахтара туоһу суруктары туттулар.
“Маҥнайгы учууталбар” диэн ырыаны 4-с кылаас үөрэнээччилэрэ Айаал Барамыгин, Саян Федоров олус үчүгэйдик толордулар (сал. С.Я. Андреев). Бу ырыа тылын ааптар 1926 сыллаахха суруйбут. Үйэ ааспытын да кэннэ дьон-сэргэ сөбүлээн ыллыыр ырыата буолар.
Амма Аччыгыйа мэлдьи биири тоһоҕолуура: “Ааҕыҥ. Эдэриттэн ааҕа үөрэммит эрэ киһи ол дьолтон үрдүк үөрүүнү сомсор”, — диэн. Норуот тапталлаах суруйааччыта эппит тылларынан бу тэрээһин түмүктэннэ.
“Саха сээркээн сэһэнньитэ” тэрээһини оскуола иитэр үлэҕэ завуһа А.И. Ядрихинская уонна библиотекарь А.С. Андреева иилээн-саҕалаан ыыттылар. Бу күн оҕолор суруйааччы туһунан элбэҕи биллилэр. Онон бу тэрээһин олус сэргэхтик, туһалаахтык, өрө көтөҕүллүүлээх ааста, диэн суруйда Л.В. Герасимова, куруһуок салайааччыта https://www.instagram.com/gazeta_enseli/