22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Нам ГИБДД-тын урукку начальнига Юрий Балаганскай кырдьыга кыайда

10:32, 17 марта 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэрт дьиибэ, иһэ истээх дьыала бу дьыл олунньу ыйын ортотугар Нам улууһугар буолбута. Улуус ГИБДД-тын инспектордара күрүлүүр күнүс бэйэлэрин тойоннорун массыынатын холуочук ыыта сылдьарын туппуттар диэн сонун тилийэ көппүтэ.

“Хайдах оннук баҕайытай?” диэн киһи сөҕөр да, бэркиһиир да сонуна этэ. Тоҕо диэтэргин, билигин полиция үлэһиттэригэр ирдэбил олус кытаанах, хас сыыһа хамсаныыларын иһин бастарынан эппиэттиэхтэрин сөп. Ону ааһан, үлэһиттэрэ ол-бу буоллахтарына, салайааччы тус бэйэтинэн эппиэти сүгэр. Холобурга, Дьокуускай куорат полициятын санатабын: балтараа сыллааҕыта Саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктарыгар полицейскайдар охсуһаннар, ол содулугар начальник Николай Кульбертинов дуоһунаһыттан уһуллан, Өймөкөөн улууһун Ис дьыалаҕа отделын салайааччытынан ананан барбыта.

Оттон бу Нам түбэлтэтигэр, уруулга итирик олоруу иһин холуобунай эппиэккэ тардыллыахха сөбүн уонна уопсайынан арыгы иһэн баран массыынаны ыытар бобуулааҕын бэркэ диэн билэр, билэрин ааһан, ону тутуһарга дьону хонтуруоллуур соруктаах ГИБДД начальнига бэйэтинэн оннук түбэһэрэ — киһи хайдах да итэҕэйбэт суола этэ. Бэйэҕэ баҕа өттүнэн бириигэбэр таһаарар тэҥэ буоллаҕа. Биитэр халлаан хабарҕатынан, муора тобугунан буолан, сокуону, бэрээдэги билиммэт, букатын най барыы бэлиэтэ буолуон сөбө.

ИДьМ: “Ис дьыала уорганыттан ууратыллар”

Ити быһылаан тахсаатын, РФ ИДьМ-тын СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата тута маннык комментарий биэрбитэ: “2016 сыл олунньу 14 күнүгэр Намнааҕы Ис дьыала отделын ГИБДД-тын инспектордара “Тойота Ипсум” массыынаны тохтоппуттар. Уруулга улуустааҕы ГИБДД начальнига арыгы испит туруктаах олорор эбит. Медицинскэй освидетельствование кини арыгы испитин көрдөрбүт. Начальник үлэтин чааһын кэнниттэн сылдьыбыт. Бу чахчынан Ис дьыала министиэристибэтин салалтата сулууспанан бэрэбиэркэ анаата. Полицейскай ис дьыала уорганнарыттан “отрицательнай матыыбынан” ууратыллыаҕа уонна сокуонунан эппиэккэ тардыллыаҕа. Кини салайааччылара дьиссипилиинэ кытаанах эппиэтинэһигэр тардыаллахтара, уһуллуохтарын да сөп”.

Сулууспанан бэрэбиэркэ бэрт суһаллык (аччаабыта биир ый буолааччы) ыытыллан, олунньу 19 күнүгэр (ол аата 5 күнүнэн) быһаарыы тахсыбыт: Юрий Балаганскай массыынатын арыгы иһэн баран ыыта сылдьыбыт, ис дьыала уорганыттан ууратыллар.

Мировой суут: “Сокуону кэһии суох”


Оттон Нам улууһун 21 №-дээх мировой учаастагын судьуйата А.Григорьев бу административнай дьыаланы олунньу 19 күнүгэр көрөн таһаарбыт уурааҕа ИДьМ быһаарыытыттан атын ис хоһоонноох.

Ол курдук, мировой суут быһаарбытынан, РФ ИДьМ-тын Административнай регламенын 112-с пуунун ирдэбиллэрин кэһэн, Нам ГИБДД-тын инспектордара административнай сокуону кэһии боротокуолугар бастакы освидетельствование оҥороллоругар туттубут техническэй сириэстибэлэрин көрдөрүүтэ суруллубатах итиэннэ техническэй сириэстибэ аата уонна нүөмэрэ ыйыллыбатах, аакта түмүгэ эрэ баар. Онуоха бу аакта түмүгэ бу иннинэ иккитэ ыытыллыбыт мээрэйдээһин түмүгэр сөп түбэспэт.

Освидетельствование аактата уонна тестээһинэ туоһулуулларынан, Балаганскай Ю.С. арыгы испит туруга суох (001373 №-дээх “Юпитер” техническэй сириэстибэ көрдөрүүтүнэн, 0,000 мг/л). Маны таһынан, медицинскэй освидетельствование оҥоруу инструкциятын ирдэбиллэрин кэһэн, аактаҕа быраас илии баттааһына суох, айаҕыттан арыгы сыта кэлэрин-кэлбэтин туһунан бэлиэтээһин суох, 2015 сылы 2016 сылга көннөрүү баар, Балаганскай илии баттааһына эмиэ суох. Аны туран, АКПЭ-01М-01 диэн прибор мээрэйдээһин тэриллэрин испииһэгэр суох. ДПС инпектора Протопопов А. араапарыгар улуус ГИБДД-тын начальнигын тутуу эрэ түгэнэ ыйыллыбыт, — араспаанньата, инициаллара, массыынатын маарката уонна судаарыстыбаннай нүөмэрэ суруллубатахтар. Дьыала матырыйаалларыгар инспектор Колмогоров И. араапара суох.

Суут мунньаҕар ити кэһиилэр туоратыллыбатылар, Балаганскай сабаҕалааһыннарын (доводы) саралыыр дакаастабыллар суохтар. Маныаха суут мунньаҕар Намнааҕы ГИБДД инспектордара кыттыбыттарын, Балаганскай Ю. буруйу билиммэтэҕин, тутуллар кэмигэр өлүөр өйдөөҕүн туһунан көрдөрүү биэрбитин бэлиэтиир тоҕоостоох.

Мировой суут уурааҕынан, Юрий Балаганскайга РФ Административнай кодексатын 12.8 ыст. 1 чааһынан (массыынаны итирик туруктаах ыытыы) тэриллибит административнай дьыала сокуону кэһии суоҕунан, сабыллыбыт.

Мировой суут уурааҕа сокуоннай күүһүгэр киирэ илик, Ис дьыала министиэристибэтэ итиннэ сөбүлэспэккэ, федеральнай суукка ааһыммыт.

Уган биэрии курдук

Дьыала матырыйааллара биһиги хаһыаппыт редакциятыгар бааллар. Онно көстөрүнэн, олунньу 14 күнүгэр, күнүс 12.16 мүн. оҥоһуллубут бастакы освидетельствование аактатыгар прибор көрдөрүүтүнэн, 0,000 мг/л диэн сурулла сылдьар. Ону инспектордар “арыгы сыттаах” диэн сабаҕалаан, начальниктарын салгыы балыыһаҕа бэрэбиэркэлэтэ илдьибиттэр. Онно тиийэн, 12 ч 54 мүн. көрдөрүүтэ 0,655 мг/л, 13 ч 14 мүн. 0,510 мг/л буолан хаалбыт. Быраас да, Балаганскай да илии баттааһыннара чахчы суох. Уонна 2015 сыл уруучуканан 2016 сылга чахчы көннөрүллүбүт.

Суруналыыс быһыытынан, мин быраабы араҥаччылыыр уорганнары кытары, ол иһигэр, милииссийэни-полицияны кытта алтыспытым сүүрбэччэ сыл буолла. Ити Намнааҕы Ис дьыала отделыгар да сылдьыбыт кэмнэрдээҕим. Билсэр үлэһиттэрим иһитиннэриилэринэн, Балаганскай Нам полициятыгар ГИБДД начальнигынан былырыын саас ананан кэлбит. Ити иннинэ Сунтаарга үлэлээбит. Ис дьыала уорганнарыгар сулууспалаабыта алта-сэттэ сыл буолбут, биирдэ да сэмэ-суҥха ылбатах.

Намҥа кэлэн, бэйэтин кытаанах бириинсиптээх начальник быһыытынан көрдөрөн барбыт. Сулууспаларыгар арыгы испит туруктаах кэлбит эбэтэр сороҕор олох да кэлбэт биитэр ирдэбили толорботох үлэһиттэри (ааттара-араспаанньалара миэхэ биллэр) сэмэҕэ тардыталаабыт. Инньэ гынан, кинини сөбүлээбэт үлэһитин ахсаана элбээн испитэ өйдөнөр. Оттон олохтоохтор Балаганскай кэлиэҕиттэн ГИБДД үлэтэ тупсубутун бэлиэтииллэр эбит.

Ити күннэргэ Намҥа Николай Тарскай бирииһигэр тустууга улахан күрэхтэһии буолбута. Юрий Балаганскай урут тустуунан дьарыктана сылдьыбыт, онон, билэр спортсменнарын кытта көрсөн “аһаабыта” буолуо диэн үлэһиттэрэ анаан кэтээн тохтоппут буолуохтарын сөп. Дьиибэтэ диэн, ол тохтотон баран, инспектордар начальниктарын суотабай төлөпүөннэрин видеокамератыгар устан киирэн барбыттар, ол устубуттарын ИДьМ сулууспанан бэрэбиэркэтин кэмигэр барытын сотторон, мэлдьэһэн кэбиспиттэр диэн кэпсииллэр.

Итинтэн сиэттэрэн, бу дьыаланы соруйан оҥоруу, уган биэрии, итинэн начальнигы үлэтиттэн туоратыыны ситиһии быһыытынан сыаналыахха сөп. Оччотугар ити “эпэрээссийэҕэ” кыттыбыт эписиэр, эр киһи ааттаах дьон бэйэлэрин суобастарыгар дииргэ тиийиллэр.

Олунньу 15 күнүгэр бу дьыалаҕа Нам оройуоннааҕы федеральнай суутун уурааҕа таҕыста — мировой суут уурааҕын оннунан хаалларарга диэн. Бу уураах сокуоннай күүһүгэр киирдэ. Ол эбэтэр, Юрий Балаганскай олунньу 14 күнүгэр массыынатын чөл туруктаах ыыта сылдьыбыт, кини кырдьыга кыайда диэн түмүк оҥоруохха сөп.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА