22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Намҥа ыытыллыбыт «Хотуур ыһыаҕын» хоһууннара

12:12, 19 июля 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Нам улууһун Партизан нэһилиэгэр Мааппа сиригэр «Хотуур ыһыаҕа» тэрилиннэ. Бу туһунан нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Полина Скрябина СИА-ҕа кэпсээтэ.


«Атах оонньуутугар, мас тардыһыытыгар күрэхтэһии бэртээхэйэ буолла, кутаа тула олорон сэһэн-сэппэн тардылынна. Онтон күн тахсыыта ытык кырдьаҕас Дмитрий Кривошапкин алҕааһынынан истиҥник саҕаланна. Ол кэннэ Намтан, ДЬокуускайтан, Модуттан, Уус Алдантан ох курдук оҥостон ааттаан-суоллаан кэлбит биэс эр бэрдэ былыргы хотуурдаах от охсуутугар турунна. Отчуттар анаан-минээн былыргылыы охсорго эрчиллибит, үөрэтиллибит-такайыллыбыт буолан көрөргө ураты астык. Манна даҕатан эттэххэ, саха хотуурун охсорго сүрдээх ыарахан, эрэйдээх дииллэр. Чахчы бэйэтин кыанар, күүстээх, тэтиэнэх эрэ киһи охсорун бэлиэтииллэр. Икки илиилэринэн угуттан туталлар, анал быатын харыларыгар кэтэллэр, төбөлөрүн оройунан эргитэн аҕалан чохчойон ыла-ыла үөһэттэн охсон түһэрэллэр. Дьэ, сыра-сылба баранар үлэтэ эбит диэн киһи көрөн туран саллар. Былыр өбүгэлэрбит барахсаттар сылы эргиччи ыарахан үлэҕэ эриллэ-мускулла, буһа-хата сылдьан итинник оттоон-мастаан олордохторо», — диэн Полина Ивановна чахчы сөҕөн-махтайан этэр.

200 миэтэрэ кэриҥнээх сиргэ, отчуттар тиийиэхтээх биэтэктэригэр, тэрийээччилэр талахха идэһилээбит сүөһүлэрин биир буутун, биир обургу, халыҥ холун, биир онтон арыый кыра холун ыйаан бэлэмнээбиттэр. Отчуттар хамаанда бэриллэрин кытта, ону көрдө-көрбүтүнэн супту түһүнэн кэбиспиттэр. Хотуурдара элэҥнээн, от охсуллар тыаһа биир кэм сурдурҕаан олорбут. Түмүккэ,  Модут эр бэрдэ Степан Васильев бастаан кыайыы өрөгөйүн билбит. Эбиитин биир буут этинэн манньаланан улаханнык үөрбүт-көппүт. Нам мусуойун үлэһитэ Рустам Федоров биэтэккэ иккиһинэн тахсыбыт. Үһүс бириистээх миэстэҕэ Нам отчута Прокопий Скрябин тиксэн дойдулаахтарын үөрдүбүттэр.

Далааһыннаах тэрээһин отчуттарыгар былыргы хотуурдары Бартыһаан нэһилиэгиттэн, Дьокуускайтан Емельян Ярославскай аатынан уонна Нам улууһунааҕы этнография түмэллэриттэн уларсыбыттар. Николай Федоров салалталаах үрдүк ирдэбиллээх дьүүллүүр сүбэ отчуттар далааһыннарын, суоллара-иистэрэ ырааһын, хотуур түһүүтүн, о.д.а. болҕойон ымпыктаан-чымпыктаан көрөн-истэн сыаналаабыт.

Бу кэннэ түмүккэ аны 15 отчут аныгы хотуурунан күүлэйгэ күрэстэспиттэр. Дьахталларга II Хомустаах олохтооҕо Анисия Протопопова иннин кимиэхэ да биэрбэтэх. Иккискэ Үөдэй бастыҥ отчута  Антонина Николаева тахсыбыт. Үһүс миэстэҕэ Дария Эверстова (Аппааны) тиксибит. Эр дьоҥҥо Леонид Зырянов инники күөҥҥэ түспүт. Юрий Филиппов иккистээбит. Үһүс бочуоттаах миэстэни Александр Новгородов ылбыт. Эр дьоҥҥо үөдэйдэр үс бириистээх миэстэни ылан, дойдулаахтарын улаханнык үөрдүбүттэр.

Сүрэҕи-быары өрүкүтэр бэртээхэй тэрээһини Намнааҕы история уонна этнография түмэлин дириэктэрэ Александр Копырин, түмэл наукаҕа сотруднига Иннокентий Кривошапкин, Нам улууһун баһылыгын тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһугар солбуйааччы Ефим Гоголев, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начаалынньыга Прокопий Окоемов, Бартыһаан нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга Алексей Зырянов тэрийбиттэр, иилээн-саҕалаан ыыппыттар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА