Намҥа «Воины-якутяне в битве за Крым» кинигэ сүрэхтэннэ

Аппааныга И.Е. Винокуров аатынан кыраайы үөрэтэр музейга, историяны кэрэһэлиир «Воины-якутяне в битве за Крым» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолла.


Кинигэҕэ 1941-1944 сылларга Аҕа дойду сэриитигэр Крымы фашистскай халабырдьыттартан босхолооһун историята, Ийэ дойдуларын эрэллээхтик көмүскээбит, хорсуннук охсуспут буойуттар сырдатыллыбыттар. Сэбиэскэй Союз маршала А.И. Еременко туһунан ахтыылар, РФ оборонатын министерствотын Киин архыыбын фондатыттан ханна да тахсыбатах докумуоннар, Крымы босхолооһуҥҥа тыыннарын толук уурбут уонна төрөөбүт дойдуларыгар эргиллибит буойуттар испииһэктэрэ киирбиттэр.

Кинигэ презентациятыгар ааптар, редактор уонна онно быһаччы үлэлэспит дьон, «Нам улууһа» МТ баһылыгын солбуйааччы Е.Е. Гоголев, республикатааҕы «Память» кинигэ редакционнай бөлөҕүн сэкирэтээрэ Д.П. Андреева, «Хатыҥ Арыы нэһилиэгэ» МТ депутаттарын сэбиэтин председателэ Е.Г. Жирков, кинигэҕэ киирбит буойун кыыһа М.Г. Жиркова, «Ылдьаа ыччыта» общественнай түмсүү чилиэннэрэ, лааҕыр оҕолоро уо.д.а. кыттыыны ыллылар.

Кинигэ ааптара Александр Калашников инники былааннарын билиһиннэрдэ, онно көхтөөх ыччат, общественнай хамсааһыннар кыттыһан, бииргэ үлэлэһэн күүс-көмө буолалларыгар баҕарда. «Ржев куораты кытта сибээс олохтоммутун курдук, Крым босхолонуутугар тыыннарын толук уурбут биир дойдулаах буойуттарбытыгар сквердэри, өйдөбүнньүктэри оҥорон сибээс олохтуохха наада», — диэн санаатын эттэ.

Кинигэ ааптара СР Национальнай архыыбын сүрүннүүр археограба Александр Александрович Калашников, кинигэ тахсыытыгар идея биэрээччи, редактор Сардаана Игнатьевна Эверстова буолаллар.

Кинигэ «Якутия» медиа-холдиҥҥа 500 экземплярынан бэчээттэммит.

This post was published on 09.07.2016 12:13 12:13