Намҥа виноград ситтэ

Сатабыллаах оҕуруотчут Евдокия Гаврильева винограда сиппитин туһунан бэйэтин инстаграм сирэйигэр үллэһиннэ. Кини аан бастаан соҕуруу дойду отонун өссө 2017 сыллаахха амсайбыта. 


«Бэйэ үүннэрии винограда ураты минньигэс, амтаннаах буолар», — диир кини. Ол иһин билигин дьон бэйэтэ үүннэрдин, боруобалаатын диэн Евдокия виноградын угун дьоҥҥо атыылыыр, хайдах көрөр-харайар туһунан сүбэ биэрэр.

Сиһилии Евдокия инстаграм сирэйин көр https://www.instagram.com/p/CRSz9X6Mvwl/?utm_source=ig_embed&ig_rid=151576b5-e477-4d0a-8f30-c20ace471634 

This post was published on 15.07.2021 17:30 17:30