“Нам улууһугар хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү” программанан, олорор дьиэ тутуута тохтоло суох ыытыллар. Ол курдук, бу саас Нам сэлиэнньэтигэр 10 иһинэн ахсааннаах элбэх квартиралаах дьиэлэр сыбаайалара түһэн саҕаламмыта.
Ленскэй нэһилиэккэ аан маҥнайгынан, Нюргун Спиридонов салайааччылаах “Перспектива” ХЭТ тэрилтэ кулун тутар бүтэһик күнүгэр 22 квартиралаах дьиэ таһааран саҕалаабыта. Бүгүҥҥү күҥҥэ тутууга 14 кэриҥэ киһи үлэлиир. Бэлиэтээн эттэххэ, Таастаахха 6 квартиралаах дьиэни туппут “Перспектива” ХЭТ Намҥа икки дьиэни тутар – Ленин аат. 39-гар уонна Минияров аат. 2-гэр.
“Ленин аат. 39 уулуссаҕа тутулла турар дьиэҕэ монолит кутааччылар уонна бетоннай блок кладкалааччылар бааллар. Ону таһынан, прораб, тракторист, крановщик уо.д.а.”, – диир директор Нюргун Афанасьевич.
Таас дьиэ үһүс этээһин муостатыгар монолит кутуута салҕанар. Бастакы этээс эркинин толору бүтэрэн, үлэһиттэр билигин иккис этээскэ сылдьаллар. Бириэмэ ыгымынан, электриктэр тэҥинэн үлэ ыыталлар. Электриктэр хас да түһүмэхтэриттэн биирдэстэрэ – штукатурка саҕаланыан иннинэ, уот трассатын тардаллар. Үлэни сөпкө салайыыттан билиҥҥитэ былаантан хаалыы бэлиэтэммэт. “Перспектива” ХЭТ тымныылар түһүөхтэригэр диэри дьиэ тас өттүн бүтэрэн ис үлэтигэр киирэрдии былааннанар.
Нюргун Спиридонов иһитиннэрэринэн, тутууга сүрүн уустуга – сыбаайа туруоруута. Билиҥҥи Ленин аат. 39 уулуссаҕа тутуллар түөрт этээстээх дьиэ сирин ирбэт тоҥо 3,5 метр дириҥтэн саҕаланар эбит. Ол эрээри, үлэһиттэр манна 12 миэтэрэлээх сыбаайалары түһэриигэ уһатыы-кэҥэтии таһаарбаккалар, барыта этэҥҥэ санаа хоту буолбут.
“Сир анныгар уу баар буоллаҕына, ол уу баар сирин
турбанан дьөлөн бүөлүүбүт. Салгыы тоҥ сир кэлиэр диэри буурдуубут уонна сыбаайалар туруоруллубутунан саҕаланаллар.
Тутуу бара турар сиригэр ыйга хаста да бэрэбиэркэ кэлэр. Холобура, аҕыйах хонуктааҕыта Москваттан “Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү”программатын бэрэбиэркэтэ, республика тутуутун министрэ Павел Кылатчанов көрөн-истэн барбыттара. Оттон нэһилиэнньэ өттүттэн, харах далыгар көстөр сиргэ турар буоламмыт, дьон биллибэтинэн кэлэ-бара көрө сырыттаҕа.
Тутуу барара тоҕо түргэний? Дьоҥҥо урукку сэбиэскэйдии тутуу өйдөбүлэ хааллаҕа. Холобура, оччолорго сыбаайа түһэрэн баран сыл кэтэһэҕин. Оттон билигин технология сайдан диэн эбитэ дуу, кылгас сайыннаах Саха сиригэр тутуу тохтобула суох барар. Сыал-сорук төһө да уустугун иһин, толоруллар үлэлэр дии саныыбын. Олоххо толору киирбит дьиэлэргэ, сирэ уларыйарынан-тэлэрийэринэн сэмэ бэлиэтээһиннэр уонна көннөрүү дьиэктэрэ баар буолаллар.
Намҥа тутуу ыытар тэрилтэлэри кытта билсэбит, бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэбит. Техникалар алдьанар, материалларбыт хойутуур түгэннэригэр салҕаһабыт, өйөбүлбүтүн биллэрэбит”, – диэн кэпсиир салайааччы Нюргун Афанасьевич.
Харысхан Попов, Эҥсиэли