Бэс ыйын 23 күнүгэр Нам улууһун туйгун выпусниктарыгар кыһыл уонна үрүҥ көмүс мэтээллэри туттарыы улуус дьаһалтатыгар үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна.
Улууска быйыл уопсайа 237 оҕо оскуоланы бүтэрдэ. Кинилэр истэриттэн 11 үөрэнээччи кыһыл, 7 үөрэнээччи үрүҥ көмүс мэтээллэринэн үөрэхтэрин түмүктээтилэр.
Кыһыл көмүс мэтээли улуустааҕы гимназиятыттын Сардаана Дьяконова, Аграфена Еремеева, Саргылаана Максимова, Ньургуйаана Афанасьева, Нам 1-кы №-дээх орто оскуолатыттан Наталья Семенова, Хатыҥ Арыы орто оскуолатыттан Мария Мальцева, Хамаҕатта саха-французскай лицейтэн Айысхан Гоголев, Снежана Афанасьева, Күннэй Дунаева, 2 Хомустаах орто оскуолатыттан Диана Максимова, Түбэ орто оскуолатыттан Гурий Лукин ыллылар. Онтон үрүҥ көмүс мэтээли Нам улуустааҕы гимназиятыттын Марианна Посельская, Нам 2-с №-дээх орто оскуолатыттан Кристина Дорофеева, Радмила Местникова, Мария Пестрякова, Диана Сидорова, Хамаҕатта саха-французскай лицейтэн Нарыйа Гуляева уонна Үөдэй орто оскуолатыттан Ньургустаана Петрова туттулар.
«Бу выпускниктар бары предметнэй олимпиада кыайыылаахтара, араас куонкурустар, спортивнай күрэхтэһиилэр бастыҥнара буолаллар. Үксүлэрэ выпускниктарга ыытыллыбыт олимпиада түмүгүнэн үөрэххэ киирдилэр. Улуус дьаһалтата туйгун үөрэнээччилэрбитин чиэстиирбит үгэскэ кубулуйда», — диир «Нам улууһа» МТ баһылыгын бастакы солбуйааччы Инна Сивцева.
This post was published on 25.06.2016 12:00 12:00