Намҥа саха хотуурун эллээтилэр

Өрөбүл күннэргэ Нам улууһун Партизан нэһилиэгэр улуус дьаһалтатын, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын уонна П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография музейын тэрийиилэринэн «Хотуур ыһыаҕа» диэн күүлэй күрэхтэһиитэ буолан ааста.


Тимир уустара Нюргустан Уваров, Василий Герасимов, Артем Христофоров, Намнааҕы педагогика коллеһын преподавателэ Леонид Говоров, Саха сирин уустарын ассоциациятын председателин солбуйааччы Роман Готовцев, Бүлүүттэн Иван Павлов, «Кыым» хаһыат корреспондена Петр Петров саха хотуурун оҥорорго 10-тан тахса киилэ болгуо таһааран үөрүүлэрэ үксээтэ. Онтон Модуттан сылдьар, тимир ууһа Артем Христофоров саха хотуурун эллээн таһаарда.

Саҥа оҥоһуллубут саха хотуурун уустар биир санаанан Намнааҕы музейга бэлэх ууннулар. Тэрээһиҥҥэ Ем.Ярославскай аатын сүгэр Саха сиринээҕи холбоһуктаах государственнай история уонна хоту дойду норуоттарын культуратын музейыттан, Чөркөөхтөөҕү история уонна этнография музейыттан, СР историятын түмэр киинэ архыып директора Владимир Андреев, үлэһиттэрэ уо.д.а. кыттыыны ыллылар. Бу тэрээһини барытын Намнааҕы киинэ архыып үлэһиттэрэ уһун историяларга хаалларардыы уһуллулар.

Тимир уһаарар кэмнэригэр куораттан кэлбит ыалдьыппыт Николай Аржаков-Боло Уус бэйэтэ оҥорбут оҕунан 105 м ыраах ытан дьон сэҥээриитин ылла. Кини ол иннинэ Эркээни хочотугар 95 м ырааҕы ыппыт эбит.

Мустубут дьону улахан чааҥҥа буспут идэһэ аһынан күндүлээтилэр. Сибиэһэй эт миинин истибит, ол кэннэ буотарах миинин боруобалаатыбыт.

Күн тахсыыта биэс уол ходуһаҕа киирэн саха хотуурунан от охсон күрэхтэстилэр. Кыайыылаахтар сүөһү этин миэстэтинэн үллэһиннилэр. Онтон күүлэйгэ бэрт элбэх киһи кытынна.

This post was published on 18.07.2016 16:16 16:16