Намҥа Оҕо көмүскэлин күнүгэр оонньуур былаһаакка арыйдылар

Нам улууһугар бэс ыйын 1 күнүгэр – Аан дойдутааҕы оҕо көмүскэлин күнүн көрсө киэҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэр буоллулар. Ол курдук үөрүүлээх быһыыга-майгыга Доҕордоһуу болуоссатыгар оҕо-уруу тоҕуоруһа мустан, илии-илиилэриттэн ылсан оһуокайдаан, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн дайдылар.


Оҕо-аймах чугдаар үөрүүтүнэн фонтан холбонно. Ол кэнниттэн Максим Кирович Аммосов болуоссатыгар тиийэн оҕо оонньуур былаһааккатын астылар. Мустубут дьоҥҥо-сэргэҕэ «Нам улууһа» МТ баһылыгын бастакы солбуйааччы Инна Сивцева, «Ленскэй нэһилиэк» МТ баһылыга Андрей Новгородов оҕолор үөрэ-көтө, дуоһуйа сынньанар сирдэрэ буоллун диэн эҕэрдэлэрин тириэртилэр.

Бу күн консультационнай пууннар үлэлээтилэр, психологтар, логопедтар сүбэ-ама биэрдилэр.

Андрей Новгородов, «Ленскэй нэһилиэк» МТ баһылыга: «Былырыын СР Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын министерствота ыыппыт куонкуруһар кыттан 8 мөл.солк. грант ылбыппыт. Онон быйыл республикабытыгар нэһилиэнньэлээх пууннары тупсарыы сылынан анаан ол граммыт харчытыттан 1 мөл. 300 тыһ. солкуобайга оҕо оонньуур былаһааккатын атыылаһан Максим Кирович Аммосов болуоссатын таһыгар туруордубут. Номнуо оҕолорбут кэлэн үөрэ-көтө онньообуттара. Онтон тиһигин ситэрдэхпитинэ, төрөппүттэр оҕолорунаан кэлэн дуоһуйа сынньаныахтара», — диэн бэйэтин санаатын үллэһиннэ.

This post was published on 02.06.2016 10:38 10:38