Намҥа кырдьаҕастар дьиэлэрин тутуутун 2023 сылга бүтэриэхтэрэ

Нам нэһилиэгэр кырдьаҕастарга уонна инбэлииттэргэ 65 миэстэлээх интернат-дьиэ тутуутун бэлэмэ 35% тэҥнэһэр. Эбийиэккэ тутуу хаамыытын Саха сирин бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ Ольга Балабкина бэрэбиэркэлээтэ, диэн СИА кэпсиир.

Билигин 4785,5 кв. м иэннээх интернат дьиэтигэр парапеттары, түннүктэри уонна балкон ааннарын туруораллар, муостатын сылыталлар, уоту тардаллар уо. д. а. үлэни оҥороллор.

Эбийиэги 2023 сыл төрдүс кыбартаалыгар туттарыахтара. Манна кыһынын истиэнэни кырааскалыахтара, муоста тардыахтара, уунан хаарынан хааччыйыахтара канализация тардыахтара, ону таһынан тас отделканан үлэлэр былааннаналлар.

This post was published on 19.10.2022 13:05 13:05