Илья Егорович олоҕун, үлэтин туһунан сүрүн дакылааты «Нам улууһа» МТ баһылыга Александр Атласов, хос дакылааты Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна культураларын институтун кафедратын доцена, и.н.к., Нам улууһун ытык киһитэ Платон Слепцов оҥордулар.
Салгыы И.Е. Винокуров Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтооһуҥҥа, революция кыайыытын гражданскай сэриигэ көмүскээһиҥҥэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар Саха сирин дьонун хоргуйууттан быыһааһыҥҥа, норуоту үөрэхтээһиҥҥэ, доруобуйа харыстабылыгар, сэрии кэнниттэн алдьаммыт-кээһэммит дойдуну чөлүгэр түһэриигэ коммунист, салайааччы быһыытынан норуотун туһун өрө тутан чиэһинэйдик, хорсуннук, кэскиллээхтик, далааһыннаахтык үлэлээбитин туһунан ахтыылары, иһитиннэриилэри уонна эҕэрдэлэри үбүлүөйү тэрийэр өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ, СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Юрий Куприянов, хамыыһыйа солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, РФКП Саха сиринээҕи тэрилтэтин сэкирэтээрэ Виктор Губарев, драматург, суруйааччы Василий Васильев-Харысхал, Булуҥ улууһун баһылыга Константин Шахурдин, Өлөөн баһылыгын 1 солбуйааччы Иван Саввинов, Хатыҥ Арыы нэһилиэгин баһылыга Юрий Слепцов, чурапчылар ааттарыттан Ил Түмэн хас да ыҥырыытын депутата Альбина Поисеева, Илья Егорович уола Валерий Винокуров, НПК 4-с кууруһун студена Гаврил Охлопков эттилэр.
Намнар киэн туттар үтүө киһибитин ахтан-санаан ылар улуукан күммүт үөрүүтүн Ил Түмэн депутаттара В.Н. Губарев, А.И. Еремеев, Е.Х. Голомарева, Өлөөн, Булуҥ, Таатта, Бүлүү, Чурапчы улуустарын бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн үллэһиннилэр.
Юрий Степанович Партизан нэһилиэгэр өр кэмҥэ учууталынан, ветераннар түмсүүлэрин салайааччынан таһаарыылаахтык үлэлээбит педагогическай үлэ ветераныгар М.П. Турантаеваҕа СӨ үөрэхтээһин сайдыытыгар үтүөлэрин иһин СӨ Ил Дарханын Бочуотунай грамотатын, «Нам» ЭСО начальнига В.В. Ядреевка СӨ социальнай-экономическай сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин СӨ Ил Дарханын Бочуотунай грамотатын, предприниматель Е.С. Алексееваҕа СӨ Ил Дарханын Махтал суругун үөрүүлээх быһыыгы-майгыга туттарда.
Бу дьоһун тэрээһини СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун ытык киһитэ Е.А. Кутукова салайар «Ньургуһун» вокальнай народнай ансамбыла уонна хора, А.В. Васильева салайар И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатын «Чаҕылыс» литературнай түмсүүтэ, республика эстрадатын биллиилээх ырыаһыта Синильга Кыраһа, И.Е. Винокуров туһунан Ю.В. Потапов «Чэ эрэ, доҕоттоор, туойуоҕуҥ!» хоһоонугар ырыа ааптара, СӨ культуратын туйгуна А.Т. Замятин тус бэйэтэ таһаарыытынан элбэх киһилээх хорунан, бастыҥ ырыаһыттар сольнай ырыаларынан, дириҥ ис хоһоонноох литературнай дьүһүйүүлэринэн олус сэргэхситэн, кэҥэтэн, киэргэтэн биэрдилэр.
This post was published on 26.01.2016 16:31 16:31