Нам улууһун Никольскай нэһилиэгэр ааспыт субуотаҕа «Эрэл» ТХПК туттарбыт буойунатын үөрүүлээхтик арыйыы сиэрэ-туома буолла. Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ правительство председателин солбуйааччы, тыа хаһаайыстыбатын министрэ Петр Алексеев кыттыыны ылла.
«Хайа баҕарар улууска тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар бааһынай хаһаайыстыбалары, фермердэри, чааһынай даҕаны секторы үрдүк ситиһиилэргэ тардан таһаарар кыахтаах тэрилтэ баар буолара наада. Оннук холобурдар республикаҕа бааллар, маны Нам улууһугар «Эрэл» СХПК кыайар, ситэрэр-хоторор кыахтаах«, — диэн буойуна арыллытын кэмигэр Петр Алексеев тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Күн-дьыл даҕаны туран биэрдэ. Куораттан, нэһилиэктэртэн ыалдьыттар мустан «Эрэллэр» үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэһиннилэр. Бу 14 мөл. солк. грант кыттыгас үбүнэн тутуллубут аныгылыы ис тэриллээх дьиэ-уот силигэ ситэн, дьон сүөһүлэрин техническэй регламент ирдэбиллэрин толору тутуһан күн бүгүҥҥэттэн да астыыр кыахтаах. Эҕэрдэ тылыгар улуус баһылыга Александр Атласов: «Бу улууска иккис буойунаны аһабыт, Аппааныга баар «Эт-Ас» хаһаайыстыба буойуната биир үксүн элбэх хаһаайыннаах буолан сэлээннэһиигэ тэбиллэн, кыаҕын толору туһаммата. Ону учуоттаан үлэҕэ-хамнаска хотуулаах, биир эппиэттээх тэрилтэ илиитигэр баар буоллун диэн толкуйтан бу буойунаны «Эрэл» СХПК көрүүтүгэр-истиитигэр биэрдибит«, — диэн быһаарда.
Бу объегы туппут бэдэрээччит «СУ-17» салайааччыта Егор Делахов бэлиэ күлүүһү «Эрэл» СХПК директорыгар Ньургун Гуляевка туттарда, тута бу күлүүс буойуна салайааччытыгар Иван Аргуновка тиксэрилиннэ.
Ити курдук буойунаны үөрүүлээхтик арыйыы кэнниттэн министр, улуус баһылыга, бааһынай хаһаайыстыбалар салайааччылара мантан чугас көстөр «Сэргэ» бааһынай хаһаайыстыба (баһ. Герасимов В.И.) эмиэ грант үбүгэр туттарбыт саҥа хотонун тиийэн көрдүлэр-иһиттилэр, үлэһиттэр олорор дьиэлэрэ номнуо ситэн-хотон бүтэрэ чугаһаабыт. 64 сүөһү турар хотонугар билбэт киһи ханнык эрэ спортивнай объекка кэлбит курдук сананыан сөп, муостата олоччу бетон, эркиннэрэ сэндвич панеллар — капитальнай тутуу буолбут. Салгыы мантан чугас турар «Аммосова КФХ» бааһынай хаһаайыстыба 50 ыанар ынах турар саҥа хотонугар тиийэбит. Хаһаайын Валерий Валентинович профлииһинэн эпсиэйдэммит, ис бараана уруккулуу моһуоннаах хотонун көрдөрдө, кэпсээтэ. Мантан көрдөххө эдэр ыччаттар тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарыытыгар сыстан үлэни-хамнаһы далааһыннаахтык тэринэргэ дьулуһаллара кэрэхсэбиллээх.
Уопсайынан, быйыл тыа хаһаайыстыбатын министерствотын граннарын үбүнэн 9 хотон үлэҕэ киириэхтээх, ол иһигэр Түбэҕэ Радик Лукин «Кулаада» бааһынай хаһаайыстыбатыгар толору механизациялаах, 100 төбө турар улахан таас хотон ситиэхтээх-хотуохтаах. Улуус баһылыга Александр Атласов министр Петр Алексеевка бу Никольскай таһыгар тутуллан үлэҕэ киирэр икки хотоҥҥо өссө 3-4 бааһынай хаһаайыстыбаны эмиэ грант үбүнэн хотон туттаран агрокластер курдук тэрийэр эргиччи барыстааҕын кэпсээтэ. Маннык киэҥ кырдалга бааһынайдары түмтэххэ инженернэй өттүнэн электричество уотун, гааһы киллэрэргэ, суолу-ииһи оҥорорго олус табыгастааҕын, аттыгар буойуна баарынан сүөһүнү илдьэргэ эбии ороскуот көрүллүбэтин бэлиэтээтэ. Ону Петр Николаевич сэргээтэ, оччотугар Нам улууһугар үһүс (Партизан уонна Арбын нэһилиэктэрин аҕыннахха) агрокластер баар буолара барыбыт интэриэспит диэн эттэ.
Хотоннору көрөн-истэн баран күн-дьыл сылааһынан онно тута таһырдьа улуус баһылыгын тыа хаһаайыстыбатыгар солбуйааччы Ефим Гоголев, ТХУ салалтата, бааһынайдар министргэ кыра-улахан кыһалҕаларын кэпсээтилэр, маны хайдах гынан быһаарыахха сөбүн тула балачча өр истиҥ быһаарсыы буолан ааста. Туораттан иһиттэххэ маннык санаа атастаһыыта улахан мунньахтардааҕар көдьүүстээх буолуон сөп курдук. Бааһынай хаһаайыстыба баһылыга хотонун таһыгар санаатын аһаҕастык малтаччы этэрэ өйдөнөр, кини министртэн ирдэбил туруорарыгар тоҕоостоох түгэн буолар.
Никольскайга 1000 т хортуоппуй ууруллар хранилищета тутуллар сиригэр тиийэбит. Манна бетон үлэтэ ыытыллар, арматуралар ууруллан, кытыы өттүнэн полистирол тэлгэнэн былаһаакка бүтэрэ чугаһаабыт, каркааһын матырыйаала аттыгар кэлэн сытар. Онон сотору кэминэн сүүнэ улахан хранилище дьэндэйэн тахсыахтаах. Бу объект хаһаайынынан эмиэ «Эрэл» СХПК буолуоҕа, онон мантан салгыы аҥардас үүт-эт бородууксуйатын астааһынынан эрэ муҥурдаммакка аны оҕуруот аһыттан, хортуоппуйтан араас бородууксуйалары оҥорон таһаарыаҕа.
This post was published on 05.10.2016 16:29 16:29