Тохсунньу 18 күнүгэр Намнааҕы киин библиотекаҕа «Сир» общественнай түмсүү председателин солбуйааччы Яков Сивцев сир сокуонун барылын тула Нам улууһугар туох, хайдах үлэ бара турарын билсэ, олохтоохтору кытта көрсө, өйдөтүү үлэтин ыыта кэлэ сырытта. Бу кэпсэтиигэ 20-чэ олохтоох дьон уонна «Нам» улууһа МТ муниципальнай баайы-дуолу, сири-уоту дьаһайар МКУ салайааччыта Владимир Соловьев, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын кытта үлэни сүрүннүүр отдел начальнига Сергей Сергучев кыттыыны ыллылар.
Билигин сорох дьон туһана сылдьар сирдэрин ситэ докумуоннаппакка (кадастровай үлэни ыыттарбакка, государственнай регистрацияны оҥотторбокко) сылдьаллар. Онон электроннай кадастровай каартаҕа, сокуон ылыллыар диэри, сир кыраныыссата хаһаайыннааҕа көстөрүн курдук гына оҥоттороллоругар тоҕоостоох кэм кэллэ. Ону нэһилиэнньэҕэ өйдөтөр уонна тустаах үлэни уталыппакка ыытары ситиһэргэ араас таһымнаах кэпсэтиилэр бара тураллар. Ол курдук, улууспут нэһилиэктэрин олохтоохторо сирдэрин докомуоннарын ситэ толоттороллорун туһугар анаан, муниципальнай баайы-дуолу, сири-уоту дьаһайар МКУ иһинэн икки кадастровай инженер нэһилиэктэринэн сылдьан күүс-көмө буолан үлэни ыытыахтара.
Яков Сивцев, «Сир» общественнай түмсүү председателин солбуйааччы: «Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук субъектарын сирдэриттэн Россия гражданнарыгар 1-дии гектары босхо биэрии туһунан сокуон олоххо киирэн эрэринэн сибээстээн, улуустар бэйэлэрин сирдэрин сөргүтэн, нэһилиэктэринэн, бөһүөлэктэринэн анал комиссиялары тэрийэн докумуона суох сирдэри официальнайдык регистрациялыыр үлэни тэтимнээхтик ыытыахтаахтар. Дьон бэйэтэ тутта сылдьар сирин хайаан да докумуоннатыахтаах. Холобурга диэн эттэххэ, хаҥаластар улуус дьаһалтатын иһинэн МУП тэринэн, сирдэрин онно регистрациялыыр былааннаахтар. Мэҥэ Хаҥаласка депутаттыыр нэһилиэгим дьаһалтатыгар олохтоохтор көрөллөрүгэр ГКН (Государственный кадастр недвижимости) каартатын ыйаабыппыт. Мантан олохтоохтор каартаҕа сирдэрэ киирбитин-киирбэтэҕин көрөн, докумуон үлэтин ситиһиэхтээхтэр. Атын да улуус нэһилиэктэрин олохтоох дьаһалталара оннук дьаһаныахтарын сөп».
Бу кэпсэтиигэ сылдьыбыт дьон киириэхтээх сокуоҥҥа хайдах бэлэмнээх буолары өйдөөбүт буолуохтаахтар. Маннык көрсүһүүлэргэ, кэпсэтиилэргэ олохтоохтор көтүппэккэ сылдьаллара наадалаах.
This post was published on 20.01.2016 16:25 16:25