Намҥа биир сүрүн карта олохтонно

Уһук Илин федеральнай уокурук субъектарын сирдэриттэн Россия гражданнарыгар 1-дии гектары босхо биэрии туһунан сокуон барыбытын долгутар. Кадастровай инженердэр нэһилиэктэринэн сылдьан сири докумуоннатыыга көдьүүстээх үлэни ыыта сылдьаллар. Сорох дьон бас билэр сирдэрэ кадастровай картаҕа атын сиргэ көстөр. Ол иһин мунаахсыйыы тахсыбатын туһугар Нам улууһун салалтата биир кэлим картаны ылынна.


Бу туһунан Намнааҕы КУМИ салайааччыта Владимир Соловьев бу курдук иһитиннэрэр: «Сокуон олоххо киирээри турарынан сибээстээн улууспут иһигэр элбэх кадастровай үлэни ыыта сылдьабыт. Инженердэр дьон сирин докуомуоннуу сылдьаллар. Нэһилиэнньэ билигин оҥорторбут сиригэр кэлин сыыһа-халты тахсан иккистээн ону көннөттөрүүгэ эмиэ харчы төлүүрбүт буолуо диэн мунаахсыйар. Ол иһин Росреестр, СӨ баайга-дуолга уонна сиргэ сыһыаннаһыыларын министиэристибэтигэр туруорсан, Намнааҕы КУМИ оҥорбут картатынан үлэлииргэ көҥүл ыллыбыт. Онон нэһилиэк олохтоохторо сирдэрин докумуоннаталларыгар кадастровай инженертэн ханнык картанан үлэлиирин хайаан да ыйытыан наада. КУМИ биэрбит картографическай матырыйаалынан үлэлиир буоллахтарына ол сөптөөх».

Маны таһынан нэһилиэк аайы баар геодезическай точкалары өрөспүүбүлүкэтээҕи Росреестр нөҥүө турорсан ылаары сылдьаллар. Оччотугар кадастровай инженердэргэ, дьаһалталарга, нэһилиэктэр сир үлэһиттэригэр тиксэриэхтэрэ.

«Оттуур, мэччирэҥ сирдэри, бааһыналары докумуоннуур үлэ бастакынан турар. Онтон нэһилиэнньэлээх пууннары оҥоруохпут. Билигин нэһилиэнньэлээх пуун тас өттүнээҕи сирдэри бас билиигэ оҥорорго болҕомтобутун күүскэ уурабыт», — диэн ситэрэн кэпсиир Владимир Соловьев.

This post was published on 01.03.2016 16:56 16:56