Нам улууһугар «Бизнес-инкубаторга» олохтоох урбаанньыттар презентациялара буолан ааста.
Тэрээһин аһыллыытын директор Алексей Винокуров иилээн-саҕалаан ыытта.
Бэйэ дьыалатын саҥа саҕалааччылар Вячеслав Бурцев –сервиснэй киин, компьютернай техниканы бэрэбиэркэлээччи, өрөмүөннээччи; Юрий Петров — эттэн полуфабрикаттары оҥорон атыылааччы; Валерий Федоров — фотостудия хаһаайына, Дария Матвеева — кэрэ буолуу салонун хаһаайката үлэлэрин хайысхатын билиһиннэрдилэр.
Кэлбит ыалдьыттар резиденнэр үлэлэрин көрдүлэр-иһиттилэр, бородууксуйаларын амтаһыйдылар. Дария Матвеева салайааччылаах «Тиара» салоҥҥа оҥоһуллубут бөрөчүөскэлэри, макияжтары көрдөрдүлэр. Тэрээһини эрчимнээх, тэтимнээх ырыаһыт Кэскил Баишев эбии киэргэтэн биэрдэ.
Намнааҕы «Бизнес-инкубатор» директора Алексей Винокуров: «2015 сылга ахсынньыга Саха сиринээҕи предпринимательство министерствота, Нам улууһун дьаһалтатын өйөбүллэринэн «Бизнес-инкубатор» үлэтин саҕалаабыта. Тэрээһиммит сыала-соруга инкубатор эдэр исписэлиистэри чиэстээһин, ханнык салаанан үлэлии-хамсыы сылдьалларын билиһиннэрии буолар. «Бизнес-инкубаторга» сылдьыҥ, саҥа саҕалааччылар өҥөлөрүнэн туһаныҥ, кинилэр эһигини куруутун үөрэ-көтө көрсүөхтэрэ», — диэн санаатын үллэһиннэ.
Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар «Нам улууһа» МТ баһылыгын бастакы солбуйаачыта Инна Сивцева, баһылыгы тыа хаһаайыстыбатыгар уонна предпринимательствоҕа солбуйааччы Ефим Гоголев, баһылыгы экономикаҕа солбуйааччы Марина Обутова. Резиденнэр ааттарыттан директор Алексей Винокуров «Бизнес-инкубатор» тэриллиитигэр кылааттарын киллэрсибит салайааччыларга махтал суруктары туттартаата.
This post was published on 18.07.2016 17:46 17:46