Намҥа баһаарга 67 сибиинньэ өллө

Сэтинньи 8 күн күнүс Нам нэһилиэгэр хааччах умайда. Баһаарга 67 сибиинньэ өллө, диэн СИА-ҕа Саха сиринээҕи ЫБМ иһитиннэрдэ.

Баһаарынайдар кэлиилэригэр тутуу аһаҕас уотунан умайа турбут. Баһаар түмүгэр сибиинньэ турбут хааччаҕа бүтүннүү уокка былдьанна. 22 сибиинньэни быыһаатылар.

Баһаар биричиинэтинэн быһа холоон, быраабыланы тутуспакка эрэ, оһоҕу сэрэҕэ суох оттооһун буолуон сөп. Буруйдаах киһи уонна хоромньу олохтонор.

Уоту умуруорууга СӨ ГПС баһаарынай сулууспатын 14 киһилээх личнэй састааба уонна үс тиэхиникэ үлэлээтэ.

This post was published on 09.11.2022 09:05 09:05