Намҥа «Арыгы уонна суол» акция ыытыллар

Саха сиригэр «Арыгы уонна суол дьүөрэлэспэттэр!» диэн киэҥ хабааннаах акция ыытылла турар. 


Ити акция чэрчитинэн «Арыгы уонна суол» диэн Нам улууһун олохтоохторун, общественноһын итирик туруктаах суолга сылдьыы сүрүн кыһалҕатыгар болҕомтону тардар сыаллаах Намнааҕы ГАИ сулууспата оскуола оҕолорун кытта киин суолга таҕыстылар. Итирик суоппартан сылтаан суол быһылаана тахсыбатыгар сэрэтэр суруктаах-бичиктээх плакаттары туһаннылар. Манна Нам 1 №-дээх, Хатыҥ Арыы оскуолаларыттан, Хамаҕатта саха-француз лицейиттэн оҕолор кытыннылар. Бу акция нэдиэлэ устата ыытыллыаҕа. Онуоха улуус оскуолалара, суол эдэр инспектордарын этэрээттэрэ уонна Нам общественноһа кыттыыны ылыахтара.

«Хас биирдии суоппар арыгы уонна массыына дьүөрэлэспэттэрин бэйэтэ быһааран өйдүөхтээх. Суолга итирик туруктаах суоппары көрдөххүтүнэ 02, 020 нүөмэрдэргэ эрийэн этэргитин умнумаҥ. Хас биирдии итинник иһитиннэриигит элбэх киһи доруобуйатын харыстыырын, олоҕун быыһыырын умнумаҥ!», — диэн акция кыттыылаахтара этэллэр.

This post was published on 29.03.2016 14:04 14:04