Тэрээһин сүрүн чааһыгар 10 номинациянан олох-дьаһах, үлэ араас салааларыгар бастыҥнары бэлиэтээһин буолла. Киэҥ саалаҕа нэһилиэктэр делегациялара остуолларыгар илдьэ кэлбит астарын тардан, итии чэй иһэ-иһэ бу тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытыннылар.
Үөрүүлээх киэһэни «Намыына» вокальнай ансаамбыл саҕалаата. Ол кэннэ эҕэрдэ тыл СӨ юстицияҕа госкомитетын бэрэссэдээтэлэ Сардаана Гурьеваҕа, СӨ Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатыттан Иосиф Мискяевка, улуус баһылыгар Александр Атласовка, улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлигэр Иван Поповка бэрилиннэ.
«Доруобуйа харыстабылын бастыҥ үлэһитэ» аат Хатырык учаастактааҕы балыыһатын медсиэстэрэтигэр Мария Прокопьеваҕа иҥэрилиннэ. «Ыччат лидерэ» номинация кыайыылааҕынан «Хамаҕатта нэһилиэгэ» МТ специалиһа Константин Петров буолла. «Үөрэҕирии эйгэтин бастыҥ үлэһитэ» аат Нам 1 №-дээх оскуолатын алын сүһүөх кылаас учуутала Марианна Рожинаҕа бэрилиннэ. Салгыы «Спортивнай хамсааһын бастыҥ тэрийээччитэ» аат II Хомустаах нэһилиэгин спортинструкторыгар Афанасий Охлопковка иҥэрилиннэ. Агропромышленнай комплекс бастыҥ үлэһитинэн Хамаҕатта нэһилиэгин «Сэргэ» бааһынай хаһаайыстыба баһылыга Владимир Герасимов ааттанна. Оттон «Культура уонна духуобунай сайдыы эйгэтин чулуу үлэһитэ» номинация кыайыылааҕынан А.Ф. Шестаков аатынан Сынньалаҥ киинин «Ньургуһун» народнай коллективын хормейстера Елена Кутукова буолла.
«Производство уонна тутуу бастыҥ тэрилтэтэ» номинацияҕа Хатыҥ Арыы нэһилиэгиттэн предприниматель Владислав Соловьев кыайыы өрөгөйүн биллэ. «Бастыҥ общественнай тэрилтэ» номинация кыайыылааҕынан бэтэрээннэр улуустааҕы сэбиэттэрэ (салайааччы Кобякова С.Д.) ааттанна. «Бастыҥ предприниматель» номинация Партизан нэһилиэгиттэн Елена Эверстоваҕа туттарылынна.
Муниципальнай тэриллиилэр икки ардыларыгар күрэс кыайыылааҕынан «Үөдэй нэһилиэгэ» МТ (баһылык Ядреев С.В.) тахсан 100 тыһ. солк. сертификатынан биһирэннэ.
Ити курдук, үгэс буолбут сыл түмүгүн таһаарар тэрээһин бэрт сэргэхтик ыытылынна.
Дьоро киэһэни эстрада сулустара Анатолий Горохов, Олимпия уонна олохтоох уус-уран самодеятельность кыттыылаахтара киэргэттилэр.
This post was published on 27.01.2016 12:29 12:29