Найахы эр дьоно ыанньыксыттарга бэлэхтэрэ

Уус Алдан улууһугар Найахы эр дьоно кулун тутар 8 күнүнэн  ыанньыксыттарга соһуччу уонна ураты бэлэх оҥорон улаханнык үөртүлэр.


Нэһилиэк баһылыга Петр Степанович Сивцев көҕүлээһининэн, сатабыллаах салалтатынан Найахы нэһилиэгин туох баар тэрилтэтин эр дьоно, уолаттара бука бары бэҕэһээ уонна бүгүн турунан туран ыанньыксыттары солбуйа сылдьаллар.

— Бастатан туран, биир күн өрөөбөккө пиэримэҕэ үлэлээн миккиллэ, сыралаһа сылдьар кэрэ аҥаардарбытын сааскы күүтүүлээх бырааһынньыгынан, кулун тутар 8 күнүнэн, истиҥник эҕэрдэлээн тураммыт барыларыгар тыыннаах сибэкки дьөрбөлөрүн, бэлэхтэри туттардыбыт. Итиэннэ солбуһа сылдьан ынахтары ыы, торбостору аһата, хотону ыраастыы, күрдьэ сылдьабыт. Хас биирдии ыаһыҥҥа 62 л. үүт ыанар. Ол аата, күҥҥэ 124 л. Үүт тута сэпэрээтэрдэнэр. Өссө күүстээх илиилээхтэр кэлэллэрин анаан кэтэспит курдук, хотон аана аһыллаатын, ынах төрөөтө. Төрөтөөччүлэр тарбыйаҕы Марта диэн ааттаатылар, — диэн иһитиннэрдэ «Найахы» ТХПК салайар Иван Румянцев.

Туттуу-хаптыы, кэпсэтии-ипсэтии, күлсүү-салсыы, ынахтар турар миэстэлэрин ыраастааһын, аһатыы, уулатыы, бэл, ынаҕы төрөтүү, торбостору аһатыы төрүт ураты, сонун буоллаҕа, ынахтар дьиктиргээбиттии эргийэ-эргийэ көрбүттэр, уунаҥнаһа-уунаҥнаһа сыттаабыттар. Ол кэннэ, элбэх киһиэхэ үөрэммиттэрэ таайан, сотору буолаат барыларын салыыртан, эргиллэн ыҥыранан ыҥырартан, тарбыйахтар оонньоон ойуоккалаһартан соло булбатахтар.

Соһуччу бэлэҕи күүппэккэ сылдьыбыт ыанньыксыттар: “Урут сопхуос саҕана тэрилтэлэринэн тахсан солбуйар буолаллара. Ону сөргүппүккүт наһаа да үчүгэй. Улаханнык долгуйдубут, үөрдүбүт», — дэспиттэр, махтаммыттар.

This post was published on 09.03.2018 16:30 16:30