Дьокуускай оскуолатын «Үнүгэс» айар кэлэктиибэ Санкт-Петербург куоракка ыытыллыбыт «Салют талантов» бырайыакка муҥутуур кыайыылаах буолла уонна 50 тыһ.солк. бириэмийэлэннэ.
Фестивал чэрчитинэн Арассыйа араас муннуктарыгар ыытыллыбыт куонкурустар кыайыылаахтара суперфиналга муһуннулар. Бириис уопсай фондата — 500 000 солк. муусука, хореография, тыйаатыр уонна ойуулуур-дьүһүннүүр айар үлэ диэҥҥэ араарыллан бэрилиннэ.
Дьокуускай куорат оскуолатын «Үнүгэс» айал кэлэктиибэ «Хоту сир абылыыр дорҕооно» нүөмэринэн жюрилары улаханнык сөхтөрдө. Оҕолор омуктарын муусукатын норуот үнстрүмүөннэринэн толордулар, ыллаатылар, үҥкүүлээтилэр. Толорууну таһынан таҥастара-саптара хоту сир кэрэтин кэрэһэлии кэпсээтэ. Араасыыйа норуотун артыыһа, Мариинскай тыйаатыр труппатын солиһа Ольга Кондина оҕолор ураты талааннарын сөхпүтүн бэлиэтиир.
«Бүтэһиктээх быһаарыыны ылар уустук этэ. Кытааччылар бары олус чаҕылхайдар, талааннаахтар. Кинилэр норуоттарын култууратын оҕо эрдэхтэриттэн иҥэриммиттэрэ олус үөрдэр. Маны барытын көрө олорон дойдубут киэҥ кэскиллээҕин итэҕэйэбит», — диэтэ жюри чилиэнэ, продюсер уонна телевизионнай ыытааччы Митя Фомин.
This post was published on 12.10.2016 10:56 10:56