Мытаахха ойуур уотун умуруорууга дьону ыҥыраллар

Баһаар умулларыытыгар дьон наада, диэн суруйда Горнай улууһун «Үлэ күүһэ» хаһыата.

Мытаахха Оҕуруктаахха турбут ойуур баһаарын умулларыытыгар баар дьоҥҥо эбии 10 авиалесоохрана уонна түөрт киһи көмөҕө барда. 

Улахан кыамталаах тиэхиньикэ үлэтигэр сирин-уотун усулуобуйата куһаҕана уустуктары таһаарар, диэн суруллар иһитиннэриигэ.

Тыаллаах, салгыннаах буолан, уот үөһэнэн куота турар. Ону тохтотон, хонтуруолга ыларга күүстээх үлэ барар. Уот кыаҕын ылан, салгыы барарын тохтоторго дьон илиитэ тиийбэт. 

Онон баһаар умулларыытыгар барыан баҕалаах дьон Горнайдааҕы лесничествоны кытары билсиэххитин сөп. Тел. 4-10-91, @silatrudagorny

This post was published on 22.07.2024 15:25 15:25