Мындааба олохтоохторун көҕүлээһиннэринэн сынньалаҥ сирин оҥоруохтара

Халлаан сылыйдаҕына, Уус Алдан улууһун Мындааба сэлиэнньэтигэр киэҥ хайысхалаах сынньанар сири оҥоруохтара. Бырайыак олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама чэрчитинэн олоххо киирэр.


Сынньанар сиргэ футболлуур хонуулаах спортивнай былаһаакка баар буолуоҕа, онно тренажердары туруоруохтара. Ону сэргэ оҕо оонньуур былаһааккалара баар буолуохтара уонна сынньанарга аналлаах ыскаамыйалардаах, сибэккилэрдээх анал миэстэ оҥоһуллуоҕа”, — диэн СИА-ҕа олохтоох дьаһалтаттан иһитиннэрдилэр.

Маны үбүлээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 1 мөлүйүөн солкуобай, олохтоох бүддьүөттэн — 671,8 тыһыынча солк көрүллүөҕэ, олохтоохтор 200 тыһыынчаттан тахса үбү киллэрдилэр.

This post was published on 28.03.2018 17:00 17:00