Коронавирус тарҕаммытынан сааскы кус булдун бобуохтара диэн долгуйуу баар. Экология миниистирэ Сахамин Афанасьев иһитиннэрбитинэн, балаһыанньаны кэтээн көрүөхтэрэ.
«Булка хаарчахтааһыны оҥорууга онно сөптөөх биричиинэ баар буолуохтаах. Билигин коронавируһу кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр тарҕатар кыахтааҕын туһунан наука бигэргэтэ илик. Онон сасскы булт хаамыытын кэтээн көрүөхпүт», — диэтэ миниистир Сахамин Афанасьев.
Кини ыарыыны кытта сибээстээх балаһыанньа уустугурдаҕына эбэтэр атын биричиинэ үөскээтэҕинэ хаарчахтыыр миэрэлэр ылыллыахтарын сөбүн эбэн эттэ.
Муус устартан ыам ыйыгар диэри булчуттар анал бөлөхтөрө кэлии көтөртөн вирус баарын быһаарыыга анаан боруобалары ылыахтара.
This post was published on 07.02.2020 09:21 09:21