Муус устартан социальнай биэнсийэ эбиллиэҕэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Муус устар 1 күнүттэн Россияҕа социальнай биэнсийэ 14,75% эбиллиэҕэ. Дьаһал тиийинэн олоруу кээмэйэ үрдээһинин кытта сибээстээх.

Ол туһунан бырабыыталыстыба уураах бэлэмнээтэ диэтэ бэрэссэдээтэл Михаил Мишустин солбуйааччыларын кытта мунньах кэмигэр.

«Судаарыстыба маннык өйөбүлүн инбэлииттээхтэр, иитэр-аһатар киһитэ өллөҕүнэ уонна үлэ ыстааһа суох эбэтэр страховой биэнсийэтэ ананарыгар ыстааһа тиийбэт буоллаҕына ылар», — диэтэ премьер.

This post was published on 11.03.2025 15:07 15:07