«Россия – Моя история» история пааркатыгар «Тайны якутских просторов» куонкурус финала буолла. «Муус устар» ыччат бэстибээлин иитинэн «Открой Якутию» хайысха дьаһалынан.
34 кыттааччы бэйэтин оройуонун туризмҥа кыаҕын туһунан видеоролигы презентациялаата. Туризмы сайыннарыы уонна территориальнай маркетинг ааҕыныстыбата аан бастаан «Тайны якутских просторов» видеороликтар куонкурустарын ыытта.
Тэрийээччилэр этэллэринэн, дьаһал улуустар туризмҥа, култуураҕа уонна айылҕаҕа кыахтарын таһаарыыга, көрдөрүүгэ ананан тэриллибит. Маны сэргэ, экспертэр маастар-кылаастары ыыттылар, видеороликтары устууга уопуттарыттан кэпсээтилэр, питч-презентациялары оҥорууга санааларын үллэһиннилэр.
Бэстибээл «Открой Якутию» хайысхатыгар өссө биир куонкурус ыытыллар — «Лучший в сфере туризма и гостеприимства». Манна 119 кыттааччы куонкурустаһар.
Түмүк бүгүн тахсар. Кыайыылаахтарга наҕараадалары уонна бириистэри туттарыахтара.
This post was published on 16.02.2024 12:01 12:01