Норуот синоптига Тускул муус устар ыйга өбүгэ билгэтин билиһиннэрэр.
1 — Даарыйа аат күнэ. Ойбон сэҥийэтин чэҥэ ирэр. Нөҥүө күнүттэн түөрт уон хонуктаах дьыбар бүтэн, отут хонуктаах уораан хаалар. Ый ортотугар тыалырдаҕына — «хаары сахсатар», бүтэһигэр — «хаары хараардар».
4 — Дьиэ сарайыттан таммах түһэрэ элбиир, улахан бэлиэтээһин буолар.
5 — Холлоҕос көтөрө. Кыһыҥҥы хаһаас бүтэр.
6 — Түүн сылаас буоллаҕына — саас түргэнник кэлэр.
7 — Былаҕачыанайап ( Благовещение Пресвятой Богородицы). Таҥара улахан бырааһынньыга: оннооҕор чыычаах айыырҕаан уйа туттубат аатырар. Туллуктар кэлэллэр, моҕотой уйатыттан быгыалыыр, эһэ арҕаҕар уһуктан «кырдьыылыыр» — быган сытар, сааскы сылаас «өнньүө» күннэр тураллар. Бу күн былыта суох ыраас күн турдаҕына — саас көхтөөхтүк кэлэригэр, тыалырдаҕына — хаптаһын хатааһын буоларыгар.
8 — Бу күн хайдаҕый да, алтынньы 8 күнэ оннук буолуо.
9 — Мотуруона аат күнэ. Тураах кэлэр.
13 — Бэлиэтиир. Тот салгын түһэр.
14 — Күн көрөр өттүгэр сарай хаара буоллаҕына, ыам ыйын 6-гар диэри ходуһаҕа хаар сытар.
18 — Урут хаҕыс тыал үрбүт буоллаҕына, аны ичигэс тыал түһэр. Соҕурууттан тыалырдаҕына — сылыйар.
20-25 — Курупааскы, улар охсуута саҕаланар.
21 — Күн көрдөҕүнэ — сайына ичигэс, былыттаах күн — сайына сөрүүн.
23 — Чуумпу, сылаас түүн буоллаҕына — сайына куйаас, кураан. Ириэрии күүһүрэр. Түүн тоҥорор.
24 — Чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан. Суол-иис алдьанар. Күн үөһэ ойдор ойон иһэр.
29 — Ый туолуута.