Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, муус устар 7 күнэ — аан дойдуга Чөл турук күнэ. Маны сэргэ, бу күн историяҕа хаалбыт үгүс событие бэлиэтэнэр: үөрүү өрөгөйө, курус кутурҕан. 2003 сыллаахха Бүлүү Сыдыбылыгар оскуола умайыытыгар 22 оҕо уокка былдьаммыта сүрэх бааһа буолан Саха сирин олохтоохторугар хатанан сылдьар.
🔹1900 сыллаахха Дьокуускайга кулун тутар 7 күнүттэн ыам ыйын 6 күнүгэр (урукку ааҕыынан олунньу 23 — муус устар 23) диэри «Саха уобалаһын туора урдустарын олохторун-дьаһахтарын уонна салаллыыларын уларытыы туһунан» («О преобразовании устройства и управления инородцев Якутской области») диэн ааттаах Саха уобалаһын бырабылыанньатын мунньаҕа буолбут.
🔹1907 сыллаахха Күлүмнүүр Саха сиригэр холуобунай буруйдаахтары көскө ыытары утаран, «Якутский край» хаһыакка ыстатыйа таһааттарбыт.
🔹1925 — ССРС Наукаларын Академиятын Саха АССР-ы үөрэтэр хамыыһыйата (КЯР) тэриллибит.
🔹1994 — «.ru» эйгэҕэ бастакы домен баар буолбут. Рунет төрөөбүт күнүнэн ааҕыллар.
🔹2003 — Америка сэриилэрэ Багдад куораты ылбыттар.
🔹2003 — Бүлүү Сыдыбылыгар оскуола умайыытыгар 22 оҕо уокка былдьаммыт. Ол оҕолортон сэттэтэ — алта кыыс, биир уол — улахан кылаас оҕолоро, кыра оҕолору быыһыы сылдьан өлбүттэр.
🔹2006 — Буотама үрэх таһынааҕы Национальнай пааркаҕа 30 бизону ыыппыттар.
Төрөөбүттэр:
1909 — Аммаҕа Киренскэй Л. В., чинчийээччи, академик, Саха Сириттэн төрүттээх дьонтон бастакынан академик аатын ылбыт киһи. Сиһилии манна киирэн аах: https://sah.wikipedia.org/wiki/Киренскай_Леонид_Васильевич.
This post was published on 07.04.2020 11:06 11:06