22 Ахсынньы 22.12
  • -39°
  • $ 102,34
  • 106,54

Муус устар 4 күнэ. Саха сирин аҕаларын бырааһынньыктара - Бикипиэдьийэ

09:01, 04 апреля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэҕэ муус устар маҥнайгы өрөбүлүгэр Аҕа күнүн бэлиэтиибит. Бу бырааһынньык бастакы бэрэсидьиэн М.Е. Николаев ыйааҕынан 1999 сыллаахха олохтоммута. Эр киһи оруолун уопсастыбаҕа үрдэтэр сыаллаах тэрээһиннэр ыытыллаллар. Бастыҥ үлэлээх, элбэх оҕолоох, олоххо көхтөөх көрүүлээх, ыччакка холобур буолар аҕалары чиэстииллэр. Аҕаларга аналлаах араас күрэхтэһиилэр, куонкурустар тэриллэллэр.


Бэлиэ күннэр

Түбэлтэлэр

  • 1877 — Петр Чайковскай «Лебединое озеро» балета аан бастаан көрдөрүллүбүт.
  • 1921 — Абхазияҕа сэбиэскэй былаас олохтоммут. Абхазскай ССР үөскээбит.
  • 1923 — Ефим Курашов этэрээтэ Амма сэлиэнньэтиттэн 18 биэрэстэлээх сиргэ Саһыл Сыһыыга төгүрүктээһиҥҥэ 18 хонук олорбут Иван Строд этэрээтин быыһаабыт.
  • 1923 — Семен Канин баһылыктаах үрүҥ этэрээтэ Орто Халыманы ылбыт. Ревкомовецтары уонна атын кыһыллары өлөрбөтөхтөр, үүрэн эрэ кэбиспиттэр.
  • 1929 — Сэбиэттэр VI сийиэстэрэ буолбут. Сийиэс 1929 сылга ходуһаны, бааһынаны уонна уһаайба сирдэрин хаттаан үллэрэргэ диэн быһаарыы ылбыт.
  • 1990 — РСФСР народнай дьокутааттарын сийиэһэ (дойду сокуону оҥорор үрдүкү былааһа) 5 сыллаах болдьоххо талыллыбыт. 1993 сыллаахха балаҕан ыйын 21 күнүгэр бэрисидьиэн Борис Ельцин ыйааҕынан боломуочуйата тохтообут, алтынньы 4 күнүгэр күүһүнэн ыһыллыбыт.
  • 2012 — Арассыыйа Федерациятын бэрэсидьиэнин быыбара. Владимир Путин үһүс болдьоххо талыллыбыт.
  • 2012 — Айсен Николаев Дьокуускай куорат баһылыгынан талыллыбыт.

Төрөөбүттэр

Өлбүттэр

  • 1852 — урукку ааҕыынан олунньу 21 күнүгэр Москубаҕа Николай Гоголь (1.04.1809 төр.) — нуучча классик суруйааччыта, драматуур, бэйиэт.
  • 1990 — Елизавета Убрятова (27.10.1907 төр.) — филология билимин дуоктара, профессор.
  • 2000 — Николай Емельянов (08.01.1921 төр.) — филология билимин дуоктара
  • 2004 — Владимир Ларионов — СӨ наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, РАН академига, СӨ Академияларын чилиэнэ, техническэй наука дуоктара, профессор.
  • 2007 — Гавриил Попов (19.09.1930 төр.) — филология билимин хандьыдаата, кыраайы үөрэтээччи.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА