Бэлиэ күннэр
- ХНТ — Миинэ кутталын туһунан кэпсиир уонна миинэлэри устар үлэҕэ көмөлөһүү аан дойдутааҕы күнэ
- Интэриниэт күнэ. Аан дойдуга хас да күнү Интэриниэт күнүн быһыытынан бэлиэтииллэр. Олортон биирдэстэрэ бүгүн — бастакы энциклопедияны суруйбут Исидор Севильскэй өлбүт күнүгэр. Маны таһынан бу күн 404 диэн көмпүүтэрдьиттэр бары билэр чыыһылаларыгар майгынныыр.
- Ангола — Эйэ күнэ
- Гонконг, Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ — Оҕо көмүскэлин күнэ
- Сенегал — Тутулуга суох буолуу күнэ (Францияттан, 1960)
Түбэлтэлэр
- Б.э.и. 503 сыл — Рим консула Агриппа Менений Ланат сабин омуктары (лат. Sabini) кыайбытын бэлиэтээбит. Бу былыргы омук Апеннин хайатын тэллэҕэр уонна Лацио диэн сиргэ Апеннин тумул арыытын ортотугар олорбут омук. Рим олохтоммутун кэннэ икки аҥыы хайдыбыта биллэр, биирэ римляннары кытта холбоспут, иккиһэ — тутулуга суох буолуутун иһин кыргыспыт.
- 1147 — Москуба аан бастаан сурукка ахтыллар.
- 1814 — Наполеон бөрүстүөлтэн бастакытын батыммыт, төрөппүт уолун Наполеон II Франция импэрээтэринэн биллэрбит.
- 1866 — Ишутинецтар Александр IIыраахтааҕыны өлөрө сатаабыттар. Бу дьон истэригэр Николай Странден диэн дворянин баара. Ытылларга ууруллан баран болдьоҕо суох хаатыргаҕа ыытыллыбыта. Дьыалатын хат көрөннөр 1871 сыллаахха Саха уобалаһын Дүпсүн улууһугар көскө ыыталлар. Манна кэлэн бурдук уонна оҕуруот аһын олордор артыал тэрийэр, мэлииһэ туттарар, оҕолору ааҕарга-суруйарга үөрэтэр. Ол оҕолор истэригэр кэлин Күлүмнүүр диэн биллибит улуус суруксутун уола Баһылай Никифоров баар этэ. 1884 сыллаахха былаастар көҥүллээн Пенза куоракка барар.
- 1941 — саха фольклорун чинчийээччи Г. М. Васильев Нам улууһугар тахсан 51 саастаах Дьиибэ Бытык диэн олоҥхоһуттан билэр айымньыларын — үс олоҥхону уонна үс ырыаны — суруммут. Ол иһигэр, улахан олоҥхо — «Туналҕаннаах туус маҥан аттаах Тойон Доҕуһуол бухатыыр» (Булуҥ кырдьаҕас олоҥхоһутуттан Курутуу Баһылайтан истибит эбит), уһаттахха 4 чаастан уһуур обургу соҕус «Иирээннээх кутурааннаах Игирэ Хара» олоҥхо (Уус-Дьааҥы кырдьаҕас олоҥхоһутуттан Көҕүрүйэ Уоһуктан истибит) уонна бэйэтэ айбыт «Оҕо Одьунаас Бөҕө» диэн аныгылыы сир дойду былдьаһыытын туһунан олоҥхото. Ыллыыр ырыаларыгар, А. Е. Кулаковскай Булуҥҥа суруйбутуттан ааҕа олорорун истибититтэн — «Тилигирээмэ турбут ырыата» (Ойуун көрүүлэммит), Нам оройуонун Белоусов диэн улахан ырыаһытыттан истибит «Борокуот ырыата» уонна Хатырык нэһилиэгин олохтооҕуттан, Василий Поповтан истибит «Мачайар Баһылай» диэн ырыалардааҕа суруллубут.
- 1843 — Хоҥ Коҥ Британия бас билиитигэр киирбит
- 1949 — Хоту Атлантик Үлэх Тэрилтэтэ (NATO) тэриллибит.
- 1956 — ССРС Үрдүкү Суута ытан өлөрүллүбүт Саха АССР Совнаркомун бэрэссэдээтэлин Христофор Шараборины (1904—1938) реабилитациялыыр.
- 1968 — АХШ түмэт диэйэтэлин, хара тириилээхтэр бырааптарын туруулаһааччы Кинг Мартин Лютеры (Martin Luther King, Jr.) расистар өлөрбүттэр. Нобель Эйэ бириэмийэтин 1964 с. лауреата.
- 1975 — Microsoft хампаанньаны Билл Гейтсуонна Пол Аллен Альбукерке куоракка (Нью-Мексико) төрүттэбиттэр.
- 1992 — Саха өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү сэбиэтин XI сиэссийэтэ Өрөспүүбүлүкэ Конституциятын ылыммыта.
- 1997 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ В. Федоров быһаарыытынан «Баһылай Манчаары бирииһигэр Спартакиада» күрэс аата, уларыйан, «Баһылай Манчаары бирииһигэр Олоҥхо Оонньуулара» диэн ааттаммыт.
- 2009 — Франция НАТО байыаннай блогар толору төннөрүн туһунан биллэрбит.
- 2020 — Кытайга КОВИД-19 хамсыгыттан өлбүттэри ахтар курутуйуу күнэ буолбут.
- 1898 — Иван Редников (22.02.1974 өлб.), Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин Бөрөсүүдьүмүн бэрэстээтэлин солбуйааччы, хомуньуус баартыйа диэйэтэлэ.
- 1925 — Дмитрий Донской, философиябилимнэрин доктора.
- 1925 — Гавриил Чиряев, хомуньуус баартыйа уонна ил диэйэтэлэ. ССКП Саха обкуомун бастакы сэкирэтээрэ (1965—1982).
- 1968 — Кинг Мартин Лютер (балыс), АХШ түмэт диэйэтэлэ, хара тириилээхтэр бырааптарын туруулаһааччы (1929 төр.)
- 1985 — Кейт Робертс, уэльс тылынан суруйбут суруйааччы валлийская писательница и активистка (1891 төр.).