Муус устар 3 күнэ. Саха сирин булчуттарын эҕэрдэлиибит - Бикипиэдьийэ

Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Булчут күнүн бэлиэтииллэр. Тэрээһин 2012 сыллаахха Ил Дархан Ыйааҕынан «муус устар ый бастакы субуотатыгар ыытыллар» диэн олохтоммута. Ол күн быйыл 3-кэ түбэһэр. Бу күн бастыҥ булчуттары чиэстииллэр. Байанайга махтанар, айылҕаҕа сүгүрүйэр сыаллаах-соруктаах дьаһаллар ыытыллаллар.


Бэлиэ түгэн

  •  Гвинея — Иккис Өрөспүүбүлүкэ күнэ (1984).

Түбэлтэлэр

  • 1882 — Народоволец Степан Халтурины Одесса байыаннай борокуруорун өлөрбүтүн иһин сууттаан өлөрбүттэр. Дьокуускайга бу ыраахтааҕыны өлөрө сатаан Зимнэй дыбарыас харабынайдарын өлөрбүт киһи аатынан уулусса баар.
  • 1922 — Иосиф Сталин РКП(б) Киин кэмитиэтин генеральнай сэкиритээрэ буолбут.
  • 1927 — Москубаҕа саха устудьуоннарын түмсүүлэригэр этнограф Гавриил Ксенофонтов саха төрдүн туһунан дакылаат аахпыт. Атырдьах ыйыгар бу дакылаат «Автономная Якутия» хаһыакка бэчээттэммит.
  • 1941 — Үһүс өрөспүүбүлүкэтэҕи хайыһарга күрэхтэһии «бүгүн эн хайыһардьыккын, онтон сарсын Сэбиэскэй Армия саллаатаҕын» диэн девизтээх ыытыллыбыт. Бүлүү, Горнай, Дьокуускай, Чурапчы, Хаҥалас, Таатта улуустара уонна киин куораттан икки хамаанда кыттыбыт. 10 км военизированнай сүүрүүгэ саха национальнай байыаннай оскуолатын курсаана Василий Брицкэй бастаабыт, иккискэ эмиэ бу оскуола младшай хамандыыра Федор Федоров тахсар. 20 км сиргэ Дьокуускайдааҕы маҥнайгы оскуола учуутала Н.Афанасьев, оттон 30 км кыайыылааҕынан эмиэ армеец Брицкэй тахсар.
  • 1959 — Миирнэй бөһүөлэгэ өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи куорат статуһун ылбыт (1965 с. Миирнэй оройуонун киинэ буолбут).
  • 1963 — Саха сирин суруйааччыларын сойууһун икки күннээх V сийиэһэ аһыллыбыт.
  • 1976 — Франция киинэтин национальнай бириэмийэтэ «Сезар» («Европа Оскара») аан бастаан туттарыллыбыт. Дьүүллүүр сүбэ бэрэстээтэлэ аатырбыт артыыс Жан Габен этэ.
  • 1979 — КНР салалтата ССРС-тыын 1950 сыллаахха түһэрсиллибит доҕордоһуу уонна көмөлөсүһүү сөбүлэҥин уһаппатын туһунан биллэрбит.

Төрөөбүттэр

  • 1904 — Любовь Ришес (03.04.1904—1971) — филология билимин кандидата, тунгусовед
  • 1908 — Эргис — Георгий Гермогенов (09.06.1968 өлб.) — филология билимин кандидата
  • 1916 — Василий Семенов (07.10.1977 өлб.) — Ойуунускай айар үлэтин үөрэппит чинчийээччи, филология билимин хандьыдаата, литературовед.
  • 1926 — Воля Луконина — Социалистыы Үлэ Дьоруойа, геолог.
  • 1936 — Михаил Шергин, өрөспүүбүлүкэ биллиилээх педагога, физмат кылаастары төрүттэспит Саха АССР үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай наука кандидата, Чурапчы улууһун уонна улуус Кытаанах нэһилиэгин ытык киһилэрэ.
  • 1950 — Марфа Колесова-Расторгуева — ырыаһыт, РФ үтүөлээх артыыһа.
  • 1981 — Оксана Васильева — WIBF барылынан профессиональнай боксаҕа аан дойду чөмпүйүөнэ, кикбоксиҥҥа аан дойду чөмпүйүөнэ, боксаҕа любителлэр истэригэр Европа уонна Россия чөмпүйүөнэ.

Өлбүттэр

  • 1897 — Иоганнес Брамс (ниэм. Johannes Brahms, 1833 төр.) — ньиэмэс композитора, дирижера уонна пианииһа, муусукаҕа романтизм кэмин биир сүрүн бэрэстэбиитэлэ.

This post was published on 03.04.2021 08:57 08:57