Саха сиригэр муус устар 3 күнүттэн муус суолунан айаҥҥа техника уйуга 30 туоннаттан элбэх буоллаҕына, хааччахтааһын оҥоһуллар.
Ол туһунан «Бүлүү» суол управлениета иһитиннэрдэ. 30 туоннаттан элбэх ыйааһыннаах техникаҕа хааччах Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан киирэр. Маны сэргэ Р-504 «Халыма», А-331 «Бүлүү» федеральнай суоллар учаастактарыгар.
Муус устар 15 күнүттэн А-331 «Бүлүү» уонна Р-504 «Халыма» муус суол бары тырааныспарга бобуллар.
Санаттахха, 2024 сыл муус устар 1 күнүттэн А-331 «Бүлүү» федеральнай суол Таас-Үрэх сэлиэнньэттэн Иркутскай уобалас Верхнемарково бөһүөлэгэр диэри сабыллар (км 1310+585 – км 2146+740).
Кыраапыгы манна көрүҥ: https://ysia.ru/s-3-aprelya-nachnetsya-poetapnoe-snizhenie-gruzopodemnosti-ledovyh-pereprav-i-avtozimnikov-v-yakutii/
This post was published on 26.03.2024 13:08 13:08