Муус устар 28 күнэ — Аан дойдуга Үлэ харыстабылын күнэ. Үлэҕэ өлүү уонна эчэйии кыһалҕатыгар дьон болҕомтотун тардар соруктаах Үлэ тэрилтэтин көҕүлээһининэн 2003 сылтан бэлиэтэнэр. Ол туһунан Бикипиэдьийэҕэ суруллар. Онтон билигин дойдуга коронавирус дьаҥа тарҕаммытынан ылыллыбыт хааччахтааһыннар сорох тэрилтэлэргэ уонна предпринимателлэр үлэлэригэр уһуллуоҕа. Кириисиһи утары үлэҕэ миэрэлэри ылыы үһүс түһүмэҕэ — экономика сатарыйыытын бохсууга — РФ миниистирдэрин кабинетынан оҥоһуллар.
🔹1804 — Санкт-Петербурга Педагогическай институт аһыллыбыт, бу институт 1819 сыллаахха университет буолбута.
🔹1907 — «Якутский край» хаһыат наборщига Алампа Соппуруонап бүтүн олоҕун тапталын Евдокия Яковлеваны ойох ылар. Бу кэмҥэ Алампа сайын аайы Булуҥҥа Кирилэ Дабыыдап балыктыыр биригээдэтигэр суруксуттуур эбит. Эһиилигэр борокуотунан Булуҥҥа чугаһаан иһэн улахан тыалга түбэһэллэр, баарсаҕа тимирэн эрэр дьону быыһыы сылдьан хат дьахтар дэҥнэнэр, онно оҕо куотар. Бу ыал оҕоломмотохторо. Уһулуччулаах бэйиэт элбэх хоһооно Дуунньатыгар анаммыта. Евдокия Константиновна 1971 сыллаахха 80 сааһын туолан баран өлбүтэ.
🔹1919 — Нациялар Лигалара тэриллибит.
🔹1945 — Рейхстаагы ылыы саҕаламмыт.
🔹1947 — Саха сиринээҕи наука чинчийэр базата тэриллибит (билигин Саха сиринээҕи Наука киинэ, ЯНЦ ЯФ СО РАН).
🔹1948 — РСФСР Үрдүкү Сэбиэтин ыйааҕынан Дьокуускай аттынааҕы Сатай (Жатай) оробуочай бөһүөлэк буолбута.
🔹2003 — ITunes Store аһыллыбыт, Apple хампаанньа онлайн-маҕаһыына.
1986 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ суруйааччы Болот Боотурга уонна Нуучча тыйаатырын артыыһыгар, дириэктэригэр Валентин Антоновка анаммыт.
🔹1992 — чаҕылхай уонна уустук олоҕу олорбут Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, Финляндия саллаата Амма Чакырыттан төрүттээх Одьоо Ыстаарыһын (Одьоо Сэмэн) буруйа суоҕа дакаастанан, реабилитацияламмыта.
Төрөөбүттэр:
🔸1934 — Ньурба оройуонун уруккута Кукаакы, билиҥҥитэ Бордоҥ нэһилиэгэр Мэҥэдьэк сылгытын туспа буоруода гыммыт дьонтон биирдэстэрэ Ст. Васильев аатынан сопхуос дириэктэрэ Иван Евсеев төрөөбүт.
🔸1960 — Сунтаарга Евдокия Избекова — олоҥхону чинчийэр учуонай, элбэх документальнай киинэ ааптара, суруналыыс, филология билимин хандьыдаата.
Өлбүттэр:
🔹1918 — Гаврило Принцип (1894 с.т.), серб националиһа, Аан дойду бастакы сэриитэ кини киһини өлөрүүтүттэн саҕаламмыта.
🔹2002 — авиакатастрофаҕа Александр Лебедь (1950 с.т.), генерал-лейтенант, Красноярскай кыраай күбүрүнээтэрэ.
https://sah.wikipedia.org/wiki/Болот_Боотур
https://sah.wikipedia.org/wiki/Муус_устар_28
https://sah.wikipedia.org/wiki/Гоголева_(Яковлева)_Евдокия_Константиновна
https://sah.wikipedia.org/wiki/Алампа
https://sah.wikipedia.org/wiki/Евсеев_Иван_Васильевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Старостин_Семен_Константинович_–_Одьоо_Ыстаарыһын
https://sah.wikipedia.org/wiki/Жатай
https://sah.wikipedia.org/wiki/Избекова_Евдокия_Игнатьевна
https://sah.wikipedia.org/wiki/Саха_сиринээҕи_Наука_киинэ
https://sah.wikipedia.org/wiki/ITunes_Store
This post was published on 28.04.2020 09:04 09:04