Муус устар 26 күнэ. Сулустар кэпсииллэр

Хаартыска: СИА

Хой ♈️

Олус элбэҕи толкуйдуу, саныы сылдьаҕын, бэйэҕэр, тус олоххор бириэмэ тиийбэт кэриэтэ

Оҕус ♉️

Бүгүн санааҥ көтөҕүллэ сылдьар кэмэ. Эйигин инникигэ эрэллиир, ситиһиигэ кынаттыыр дьону кытары алтыс

Игирэлэр ♊️

Ылсыбыт дьыалаҥ ситиһиилэниэ, оҥорбут дьыалаҥ табыллыа

Рак ♋️

Амарах санаан дьону барытын түмэр, ол эрэн ону туһанар дьон бааллар

Хахай ♌️

Бэйэҕин олус үрдүктүк сананыма, киһи үрдүгэр киһи баар

Кыыс ♍️

Дьон үтүө майгытын кытары доҕордос, мөкү өрүттэрин бэйэлэрэ көрдөрүөхтэрэ

Ыйааһын ♎️

Ааспыт кэми, уруккуну-хойуккуну ахтан-санаан ылыаҥ, дууһан нүөлүйүө

Скорпион ♏️

Эн сүрэҕин бүтүннүү кининэн эрэ туолан баран сылдьар, атыҥҥа миэстэ суох

Охчут ♐️

Тус олоххор соһуччу түгэн тосхойуо. Чугас киһигин кытары бу киэһэни бииргэ атаарыаҥ

Чубуку ♑️

Эн хараастыыр кэмҥэр кыһалҕа эйиэхэ буолбахха, тулалыыр дьоҥҥор охсор

Күрүлгэн ♒️

Санаан, толкуйдаан, саарбахтаан бүт, дьыаланы оҥорон саҕалаа. Дьыалабыай кэпсэтиилэр кэскиллээх түмүктээх буолуохтара

Балыктар ♓️

Мындыр өйүҥ бүгүн сыаналаныа. Киэһэ чугас дьоҥҥун кытары истиҥ кэпсэтии баар буолуо.

Аһаҕас источниктар.

This post was published on 26.04.2024 09:01 09:01