Муус устар 26 күнэ. Үөһээ Бүлүү уонна Горнай улуустарын былаахтара бигэргэммиттэрэ диэн Бикипиэдьийэ кэпсиир

Муус устар 26 күнэ, Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Үөһээ Бүлүү улууһа» олохтоох тэриллии былааҕа улуус Сүбэтин 2006 сыллаахха 28-11 №-дээх «Об утверждении флага муниципального района „Верхневилюйский улус (район)“» быһаарыытынан бигэргэтиллибит. Оттон горнайдар былаахтара 2011 сыллаахха. Бастакылар тоҕо оноҕоһу ойуулаатылар, иккистэр  түөрт араас өҥнөөх туруору балаһалары хайдах быһаараллар, сиһилии киирэн аах.


🔹1939 — өрөбөлүүссүйэни утарар үлэни ыыппытын, «өстөөхтөр» Алампа, Күлүмнүүр, Ойуунускай пьесаларын туруорбутун иһин хаайыллыбыт Саха тыйаатырын дириэктэрэ Тарас Местников урут биэрбит көрдөрүүлэриттэн эмискэ батыммыт, силиэстийэ сыыһа ыытыллыбытын, буруйа суоҕун эппит. Ол эрээри баайа-дуола былдьанан, 20 сылга хаайыыга ыытыллыбыта. Уһун унньуктаах үҥсүү-харсыы түмүгэр 1940 сыллаахха буруйа суоҕа дакаастанан босхоломмута. Маны устуоруктар нарком Н. Ежов ууратыллыбытын кытта ситимнииллэр.

🔹1939 — «Кыым» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Степан Бордонскай баартыйа обкуомун пропагандаҕа салаатын сэбиэдиссэйинэн анаммыт.

🔹1957 сыл — Саха АССР Булуҥ оройуонун киинэ Күһүүртэн Тиксиигэ көһөрүллүбүт.

🔹1961 сыл — «Саха тылын таба суруйуутун быраабылаларын» саҥа бырайыага «Социалистическая Якутия» хаһыакка бэчээттэммит. Бу кэмтэн ыла саха тылыгар киирии тыллар олохторун нууччалыы суруйуу күүскэ киирбитэ. Саха сирэ атын өрөспүүбүлүкэлэртэн бүтэһигинэн бу үөһэттэн күһэйиини ылыммыта. Оттон Татарстааҥҥа Төрөөбүт тыл күнэ — аатырбыт бэйиэт Габдуллаа Тукаай төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр.

🔹1986 — Украина Чернобыль куоратын аттыгар баар атомнай электростанцияҕа улахан саахал тахсыбыт.

🔹2000 — АЛРОСА бэрэсидьиэнин В.Штырову (икки сыл буолан баран СӨ Бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта) элбэх дьон олоҕун тупсарбытын иһин Бочуот уордьанынан наҕараадалаабыттар.

🔹2002 — Намнааҕы педагогика кэллиэһэ СӨ бэрэсидьиэнин ыйааҕынан Нам улууһуттан төрүттээх саха уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэлэ Илья Винокуров аатын сүкпүтэ.

🔹2006 — Үөһээ Бүлүү улууһун былааҕа бигэргэммит.

🔹2011 — Горнай улууһун былааҕа бигэргэммит.

Төрөөбүттэр:

🔸1564 — Вильям Шекспир (ааҥл. William Shakespeare).

🔸1886 — татаар уһулуччулаах бэйиэтэ Габдуллаа Тукаай.

🔸1915 — Бэйиэт, тылбаасчыт Макар Хара (1915—1981). Таатта Уолбатыгар төрөөбүтэ. Аҕа Дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.

🔸1920 — Трофимов Василий Григорьевич (1920—1988) — Социалистыы Үлэ Дьоруойа.

🔸1928 — Десяткин Тарас Гаврилович — геолог идэлээх, «Якутзолото» тэрилтэни өр сылларга салайбыт киһи, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.

🔸1942 — Иванов Валерий Иосифович — техническай билим кандидата

Өлбүттэр:

🔹1984 — Цытович Николай Александрович, учуонай, геомеханик, инженер геолог, ССРС НА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ. 1947—1953 сыллардаахха ССРС НА Саха сиринээҕи филиалын Президиумун бэрэссэдээтэлэ.

https://sah.wikipedia.org/wiki/Габдуллаа_Тукаай

https://sah.wikipedia.org/wiki/Булуҥ_улууһа

https://sah.wikipedia.org/wiki/Винокуров_И.Е._аатынан_Намнааҕы_педагогика_кэллиэһэ

https://sah.wikipedia.org/wiki/Үөһээ_Бүлүү_улууһун_былааҕа

https://sah.wikipedia.org/wiki/Горнай_улууһун_былааҕа

https://sah.wikipedia.org/wiki/Уиллиам_Шэкспир

https://sah.wikipedia.org/wiki/Кузьмин_Макар_Иванович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Трофимов_Василий_Григорьевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Десяткин_Тарас_Гаврилович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Иванов_Валерий_Иосифович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Цытович_Николай_Александрович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Бордонскай_Степан_Алексеевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Муус_устар_26

This post was published on 26.04.2020 09:06 09:06