Муус устар 23 күнэ - сурукка-бичиккэ сыһыаннаах. Бикипиэдьийэҕэ аах

Муус устар 23 күнэ, Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, Аан дойдутааҕы кинигэ уонна ааптар быраабын күнэ (ЮНЕСКО, 1995). Бу күн Пушкин «Современнига» күн сирин көрбүт, Ойуунускайдаах көҕүлээбит Саха суругун-бичигин Кэмитиэтэ ЯЦИК Президиумун иһинэн тэриллибит.


🔹1836 — сыллаахха А. С. Пушкин тэрийбит «Современник» сурунаалын бастакы нүөмэрэ тахсыбыт.

🔹1928 — Саха суругун-бичигин Кэмитиэтэ ЯЦИК Президиумун иһинэн тэриллибит. П. А. Ойуунускай бэрэстээтэлинэн анаммыт, чилиэннэринэн И. Н. Барахов, А. А. Иванов, С. Н. Донской-2, уонна К. О. Гаврилов буолбуттар. Хамыыһыйа (кэмитиэт) түүр алфавитын кытта дьүөрэлэһиини ситиһиэхтээх, орфографияны быһаарыахтаах уонна биэс сыллаах саҥа сурукка-бичиккэ киирии бырагыраамматын оҥоруохтаах эбит.

🔹1931 — Саха АССР Совнаркома «Өлүөнэттэн Бүлүүгэ диэри суол тутарга» диэн уураах ылбыта. 1936 сыллаахха Дьокуускайтан Бүлүү куоратыгар диэри аан бастакы массыынанан тургутар айан буолбута биллэр.

🔹1992 — Чурапчыга Бахсы нэһилиэгэ сөргүтүллүбүт. Улуус хоту өттүгэр сытар, Уус-Алданы кытта быысаһар. Бу нэһилиэктэн 4 биллиилээх дыраама артыыһа төрүттээх, онтон иккитэ — норуодунай сыбаанньалаах.

Төрөөбүттэр:

🔸1960 — Христофорова-Сидельникова Матрёна Иннокентьевна — П. А. Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырын артыыһа.

🔸1977 — Чурапчы улууһун Алаҕар нэһилиэгэр Александр Дьячковскай — Ырыа Саарын, ырыаһыт, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа.

Өлбүттэр:

🔹1616 — Вильям Шекспир.

🔹2007 — Арассыыйа бастакы бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин.

🔹1997 — Кириэс Халдьаайыттан төрүттээх балет артыыһа Лаврентий Мөкүрдээнэп өлбүт.

🔹1999 — туруу үлэһит, Үлэ Кыһыл знамята уордьаны 1957 сыллаахха холкуоска бэрэссэдээтэллии сылдьан ылбыт, Байаҕантай улууһун Эһэ нэһилиэгиттэн төрүттээх Николай Ефимов.

Сиһилии:

https://sah.wikipedia.org/wiki/Мөкүрдээнэп_Лаврентий_Иннокентьевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Муус_устар_23

https://sah.wikipedia.org/wiki/Ефимов_Николай_Ефимович

https://sah.wikipedia.org/wiki/Уиллиам_Шэкспир

https://sah.wikipedia.org/wiki/Ельцин_Борис_Николаевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Бахсы_нэһилиэгэ_(Чурапчы_улууһа)

https://sah.wikipedia.org/wiki/Ырыа_Саарын_(ырыаһыт)

https://sah.wikipedia.org/wiki/Христофорова-Сидельникова_Матрёна_Иннокентьевна

https://sah.wikipedia.org/wiki/Саха_суругун-бичигин_Кэмитиэтэ_(ЯЦИК)

This post was published on 23.04.2020 09:06 09:06