Муус устар 20 күнэ Бикипиэдьийэҕэ 1994 сыллааҕы чахчы бэлиэтэнэр. Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар олоҕуран, Үрдүкү Сэбиэт оннугар Ил Түмэн буолбут. Ол саҕана судаарыстыбаннай мунньах икки балааталааҕа: Өрөспүүбүлүкэ балаатата уонна Бэрэстэбиитэллэр балааталара. Бастакыны — Егор Михайлович Ларионов салайара, иккиһи — Афанасий Петрович Илларионов.
🔹1880 с. Далыр нэһилиэгин таҥаратын дьиэтин Дьокуускай уонна Бүлүү эпиискэбэ Дионисий тиийэн сибэтии гыммыт.
🔹1920 сыллаахха Сибревком уурааҕынан Саха уобалаһа оройуон быһыытынан Иркутскай губернияҕа бэриллибит. Максим Аммосов (Сибревком уполномоченнайын дуоһунаһыгар сылдьан) Сибревкомҥа уонна Емельян Ярославскайга бу хардыыны утарар телеграммалары ыытар.
🔹1937 — Нам, Горнай уонна Бүлүү оройуоннар уһук сельсоветтарыттан туспа Кэбээйи оройуона тэриллибитэ. Киинэ Кэбээйи сэлиэнньэҕэ.
🔹1962 — чинчийээччи Клиорина И.Л. «Кыым» хаһыакка аатырбыт Мытыйыкы уус туһунан «Л.Н. Толстой мэтириэтин көрдөөһүн» диэн ыстатыйатын бэчээттэппитэ.
🔹1971 — Саха Сиринээҕи геология управлениетын (ЯТГУ) начаалынньыга Ворона И. Д. (төр. 07.11.1930) Социалистыы Үлэ Дьоруойа ааты ылбыт.
🔹1994 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар кэккэ уларытыылар киирбиттэр: Үрдүкү Сэбиэт оннугар Ил Түмэн, «миниистирдэр кабинеттара» уонна «премьер-миниистир» оннугар «Бырабыыталыстыба», «Бырабыыталыстыба бэрэстээтэлэ»,»куорат уонна оройуон сууттара» диэн оннугар «улуус (куорат) сууттара» буолбуттара, олохтоох салайыныы сорох боломуочуйата чопчуламмыта. Ол саҕана Ил Түмэн икки балааталаах этэ: Өрөспүүбүлүкэ балаатата уонна Бэрэстэбиитэллэр балааталара. Бастакыны Е. Ларионов салайара, иккиһи — А. Илларионов.
🔹2017 — Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ Николаев Анатолий Павловичка анаммыт.
Төрөөбүттэр:
🔸1917 — Ньурба I Бордоҥор Павлов Василий Семенович I — минометчик, батарея хамандыыра, лейтенант, мэтэдиис учуутал, оскуола дириэктэрэ, Ньурба оройуонун Бочуотун кинигэтигэр киирбит киһи.
🔸1950 — Ултургашев Анатолий Павлович — балет артыыһа.
Өлбүттэр:
🔹1945 — Вацлав Серошевскай (1858—1945) — поляк, этнограф, суруйааччы, публицист.
🔹1957 — Алексеев Егор Николаевич (1883 с.т.) — II Тыллымы нэһилиэгиттэн төрүттээх аатырбыт саха муосчута, ССРС худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ (уола үтүөлээх учуутал, сиэнэ аатырбыт сэбиэскэй этномузыковед)
🔹1988 — Васильев Иннокентий Васильевич III (Соччо) Ньурба оройуонун Бочуотун кинигэтигэр киирбит киһи, Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, бэтэринээр.
https://sah.wikipedia.org/wiki/Кэбээйи_улууһа
https://sah.wikipedia.org/wiki/Саха_АССР_сиринэн-уотунан_үллэһигэ
https://sah.wikipedia.org/wiki/Далыр_нэһилиэгэ_(Үөһээ_Бүлүү_улууһа)
https://sah.wikipedia.org/wiki/Алексеев_Егор_Николаевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Саха_Өрөспүүбүлүкэтин_Төрүт_Сокуона
https://sah.wikipedia.org/wiki/Сивцев_Иннокентий_Иванович_-_Мытыйыкы
https://sah.wikipedia.org/wiki/Павлов_Василий_Семенович_I
https://sah.wikipedia.org/wiki/Васильев_Иннокентий_Васильевич_III_(Соччо)