Бэлиэ күннэр
- Саха Өрөспүүбүлүкэтэ — Гражданскай активист күнэ. «СӨ Уопсастыбаннай палаататын туһунан» сокуон ылыллыбыт күнүгэр 2017 сыллааххха ахсынны 13 күнүгэр тахсыбыт СӨ Ил Дарханын уурааҕынан бэлиэтэнэр
- — Аан дойдуга оҕо кинигэтин күнэ, остуоруйаһыт Х. К. Андерсен төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр. 1967 сыллаахха Оҕо уонна ыччат литэрэтиирэтин аан дойдутааҕы Сүбэтэ (IBBY) төрүттээбит. Бу күн IBBY икки сылга биирдэ Х. К. Андерсена аатынан бириэмиэйэни оҕо суруйааччытыгар уонна оҕоҕо аналлаах кинигэ иллюстраторыгар аныыр
- ХНТ — Аутизм туһунан кэпсиир күн
- Аргентина — Мальвин арыыларын күнэ
- Беларусь, Арассыыйа — Арассыыйа уонна Белорусия норуоттара бииргэ буолууларын күнэ. Бу күн 1996 сыллаахха Белоруссия уонна Арассыыйа туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаммыт.
- Таиланд — Таай омук утумун чөл хаалларыы күнэ
Түбэлтэлэр
- 1718 — Бүөтүр I судаарыстыбаны утары саагыбардары уонна буруйу оҥорууну силиэстийэлиир Кистэлэҥ канцелярияны тэрийбит.
- 1769 — нуучча сэриитэ туурактартан Таганрогкуораты төннөрбүт.
- 1774 — 1773—1775 сс. Бааһынай сэриитинкэмигэр Татищева кириэппэс аттынааҕы кыргыһыыга Емельян Пугачёв сэриилэрэ аан бастаан бөдөҥнүк хотторбуттар.
- 1902 — Мариинскай уораҕайга Санкт-Петербурга Арассыыйа импиэрийэтин ис дьыалатын миниистирин Дмитрий Сипягины өлөрбүттэр.
- 1906 — Арассыыйа Госдууматыгар бастакы быыбар буолбут.
- 1917 — Кэмнээх бырабыыталыстыба Арассыыйаҕа омугунан уонна итэҕэлэнинэн араарыыны суох оҥорбута.
- 1945 — Хоенштейн диэн нэһилиэнньэлээх пууну ылар иһин кыргыһыыга Тааттатан сылдьар Дмитрий Петров өстөөх пулеметтаах дзотугар ыга сыыллан тиийэн, гранаталарынан тамнаан суох гынар, батальон кыайыытын хааччыйар, бааһыран да баран сэрии хонуутуттан тахсыбат. Бу хорсун быһыытын иһин Албан аат уордьан I истиэпэнигэр түһэриллэн, уордьан толору кавалера буолар.
- 1966 — «Луна-10» диэн сэбиэскэй спутник аан дойдуга бастакынан Ыйы эргийбит.
- 1979 — Свердловскайдааҕы байыаннай лабораторияттан алҕас сотуун ыарыыспоралара тарҕаммыттарын түмүгэр 66 киһи өлбүт, ону таһынан элбэх сүөһү.
- 1982 — Аргентина Фолклэнд арыыларыгарсэбилэниилээх күүстэрин киллэрбит, сэрии саҕаламмыт.
- 1986 — Дьокуускайга 1986 сыллаахха буолбут дьалхаан иккис күнэ: былаас атаҕастабылы болҕомтоҕо ылбатыттан абарбыт устудьуоннар куорат киинигэр халҕаһалаан тиийбиттэр, аара милиисийэни кырбаабыттар. Онтон университет Култууратын киинигэр элбэх киһилээх миитин буолбут, онно элбэх устудьуон омугунан араарыыны утары тыл эппит. Ол оннук түмүктэммит эрээри, кэлин сүүстэн тахса киһи дьыалаҕа эриллэ сылдьыбыта, 6 киһи (ол иһигэр устудьуоннары кырбаабыт дьон) сууттанан хастыы да сыл хаайыыга барбыттара.
- 1981 — Раиса Томилова (17.02.1941 төр.), Ленин аатынан «Якуталмаз» холбоһук 3 №-дээх байытар фабрикатын сепараторщиктарын биригэдьиирэ уонна Хаҥаластан төрүттээх Дьокуускай куоратын телефоннай станциятын маастара Степан Филиппов Социалистыы Үлэ Дьоруойа буолбуттар.
- 1989 — Сэбиэскэй Сойуус баһылыга Михаил Горбачев Гаваанаҕа (Кууба) Фидель Кастролуун көрсө тиийбит, соруга — мөлтөөбүт сыһыаны тупсарыы.
- 2020 — COVID-19 хамсыга: сутуллуу бигэргэммит ахсаана 1 мөлүйүөҥҥэ тиийбит.
- 747 — Улуу Карл (814 өлб.), франктар хоруоллара (768 сылтан), Бавария герцога (788 сылтан), Арҕаа дойдулар импэрээтэрдэрэ (800 сылтан билиҥҥи Франция, Германия уонна Хотугу Италия сирдэрин баһылаабыта).
- 1910 — Виктор Стрельцов, Саха Сиригэр Алдан көмүһү хостуур бириискэлэригэр үлэлии сылдьан 1941 сыллаахха Кыһыл Аармыйаҕа ыҥырыллыбыт Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа (1943).
- 1912 — Терентий Аммосов (04.09.1988 өлб.) — биллиилээх саха муосчута, Саха АССР норуодунай худуоһунньуга.
- 1983 — Наталья Кривошапкина — Далаана — ырыаһыт, Эстрада тыйаатырын солиһа.
- 1979 — Татьяна Крылова — Саха сирин дьахталларыттан бастакы мэдиссиинэ дуоктара, профессор,
- 2005 — Иоанн Павел II — Польшаттан төрүттээх Рим паапата.
This post was published on 02.04.2022 09:01 09:01