Муус устар 17 күнэ Бикипиэдьийэҕэ бытык нолуогун, таһыйары бобуу туһунан суруллубут. Бу олох биир чахчыта буолан историяҕа киирдэҕэ. Билигин коронавирус дьаҥыгар сутуллубат туһуттан хайаан да мааска кэтиллиэхтээҕин, илии суунуллуохтааҕын, киһи киһиттэн балтараа миэтэрэ ыраах сылдьыахтааҕын туһунан күүстээх миэрэлэр ылылыннылар. Аныгы Арассыыйа бүгүҥҥү олоҕун ирдэбилэ оннук.
🔹1722 — Петр I бытык нолуогун киллэрбит, сылга 50 солкуобай.
🔹1839 — Киин Америка өрөспүүбүлүкэлэрин федерацията суох буолбутун кэннэ Гватемала өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибит.
🔹1852 — сыллаахха Сибиири салайар Сибиир кэмитиэтэ диэн тэрилтэ ыраахтааҕы ыйааҕынан тэриллибит.
🔹1863 — Суутунан таһыйары бобор туһунан Ыйаах тахсыбыт. Ол гынан баран бааһынайдары, штрафной саллааттары, сыылынайдары уонна хаатаргаҕа сылдьар дьон таһыллалларын бу Ыйаах уларыппатах.
🔹1938 — Сэбиэскэй Сойууска «Хорсунун иһин» мэтээл олохтоммут.
🔹1945 — капитан Николай Чусовской хамаандалыыр батальона, өстөөх күүстээх утарсыытын самнаран, Зелов куорат (Берлинтэн илин) соҕуруу-илин өттүн ылбыт. Сатабылын уонна хорсун быһыытын иһин Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ.
🔹1970 сыллаахха Былатыан Ойуунускай 1935-1938 сыллардаахха олорбут дьиэтигэр Саха литэрэтиирэтин судаарыстыбаннай түмэлэ аһыллыбыта.
🔹1993 сыллаахха Петербург Бэһис каналыгар «Городок» биэрии аан бастаан тахсыбыта.
Төрөөбүттэр
🔸1894 — сыллаахха Курскай губернияҕа шахтер дьиэ кэргэнигэр Никита Сергеевич Хрущев (1894 — 11.9.1971) төрөөбүт, сэбиэскэй партийнай уонна государственнай диэйэтэл.
🔸1959 — Суоттуга бэйиэт Сабарай Илгэ — Парникова Анна Алексеевна төрөөбүт.
Өлбүттэр
🔹1951 — Дьокуускайга саха бастакы идэтийбит композитора, Саха АССР уонна РСФСР ускуустубатын үтүөлээх үлэһитэ Жирков Марк Николаевич өлбүт.
https://sah.wikipedia.org/wiki/Сибиир
https://sah.wikipedia.org/wiki/Сабарай_Илгэ
https://sah.wikipedia.org/wiki/Саха_литэрэтиирэтин_судаарыстыбаннай_түмэлэ
https://sah.wikipedia.org/wiki/Чусовской_Николай_Николаевич
https://sah.wikipedia.org/wiki/Городок_(көрдөөх-нардаах_биэрии)