Муус устар 16 күнүттэн поеһынан айанныыр пассажирдары Лена эбэнэн салгын олбохтор туоратыахтара, 203 микрооройуонтан, Ларионов уулуссатын 16 дьиэтин, «Парус» кэнниттэн.
Дьокуускай — тимир суолун вокзала (СВП + оптуобус) билиэт сыаната 1800 солк. 5 диэри саастаах оҕо – босхо айанныыр, 5 — 12 саастаахтар – билиэт сууматын 50% төлүүллэр.
Трансферка талону пассажирдар поездка билиэттэрин кытта тэҥҥэ атыылаһыахтарын сөп: «РЖД» саайтыгар онлайн эбэтэр кассаларга Алдаҥҥа, Томмокко, Аллараа Бэстээххэ тимир суол вокзалларыгар уонна Дьокуускайга Ленин проспегын 24 дьиэтигэр, 1 этээс. «Федеральная пассажирская компания» каассаларыгар эмиэ ылыахха сөп.
Төлөпүөннэрэ: (4112) 31-80-81, эбилик. 7381.
This post was published on 30.03.2023 17:33 17:33