Муус устар 13 күнэ Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, бу күн 1881 сыллаахха ыраахтааҕы Александр III Арассыыйаттан көҥүл тахсар уонна киирэр туһунан Үрдүкү Көҥүлгэ илии баттыыр. Бэҕэһээ, 2020 сыл муус устар 12 күнүгэр, СӨ вице-премьера Ольга Балабкина иһитиннэрбитинэн, Алдан куоратыгар коронавирус тарҕаммытынан сибээстээн, киирии-тахсыы Ил Дархан ыйааҕынан кытаанахтык бобуллар.
🔹1605 — Борис Годунов өлөр, кини оннугар уола Федор ыраахтааҕы буолар.
🔹1859 сыллаахха хаайыылаах Манчаары Баһылайы куорат суолун оҥоһуутугар үлэҕэ таһаарбыттар. Бу иннинэ кулун тутар 13 күнүгэр күлүүс хаайыытыттан таһааран, Бүлүү уокуругун Марха улууһун I Бордоҥ нэһилиэгэр үйэтин устата көскө ыытар туһунан Илин-Сибиир Кылаабынай управляющайын дьаһала тахсар. Ол күн сыабыттан босхолоон, пересыльнай хаайыыга көһөрүллэр.
🔹1881 — ыраахтааҕы Александр III Арассыыйаттан көҥүл тахсар уонна Арассыыйаҕа көҥүл киирэр туһунан Үрдүкү Көҥүл таһаарар.
🔹1922 — Каландаришвилины кытта тоһуурга (кулун тутар 6 күнүгэр) түбэһэн өлбүттэр испииһэктэрэ бэчээттэммит.
🔹1985 — Михаил Горбачев баартыйа пленумугар «уларыта тутууну» биллэрэр.
Төрөөбүттэр
🔸1919 — Грант Григорян, композитор, Саха АССР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ.
🔸1929 — Чурапчы Кытаанаҕар Екатерина Новгородова — Социалистическай Үлэ Геройа.
🔸1945 — Таатта улууһугар II Байаҕантай нэһилиэгэр Урсун — поэт, литератураны ырытааччы, тылбаасчыт.
🔸1979 — Чурапчы Туора Күөлүгэр Кындыл Уйбаан айымньыларын чинчийбит учуонай Саргылана Ноева.
Саха сирин историятыгар биллэр суолу хаалларбыт дьон туһунан сиһилии манна аах:
https://sah.wikipedia.org/wiki/Манчаары_Баһылай
https://sah.wikipedia.org/wiki/Новгородова_Екатерина_Иннокентьевна
https://sah.wikipedia.org/wiki/Винокуров_Николай_Егорович_(Урсун)
https://sah.wikipedia.org/wiki/Ноева_Саргылана_Еремеевна
This post was published on 13.04.2020 09:03 09:03