Муус устар 11 күнэ. Бикипиэдьийэ суруйарынан, 1910 сыллаахха Дьокуускайга ибир ардах түспүт

Муус устар 11 күнэ Бикипиэдьийэҕэ сурулларынан, фашист концлааҕырдарыттан босхолонуу күнэ. 1945 сыллаахха Бухенвальд лааҕырын хаайыылаахтара өрө турбут күннэригэр бэлиэтэнэр. Онтон 1910 с. Саха сирин киин куоратыгар ибир ардах түспүт. Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр биллэрэллэринэн, бу өрөбүлгэ Дьокуускайга быстахтык ардыахтаах.


🔹1241 — Бату Хаан сэриилэрэ Шайо өрүс үрдүгэр ахсааннарынан икки төгүл баһыйар Венгрия уонна Хорватия сэриилэрин үлтүрүппүттэр. Хоруол Бела IV уонна кини быраата Хорватия герцога Доломан Австрияҕа күрээбиттэр.

🔹1716 — Петр I сатыы сэриилэр бастакы Устааптарын таһаарар.

🔹1887 — Дьокуускайга гласнай суут аһыллыбыт. Бу күн үс холуобунай дьыала көрүллүбүт.

🔹1891 — Александр III импэрээтэр Улуу сибиирдээҕи суолу тутар туһунан ыйаах таһаарбыт (кэлин Транссиб — Транссибирскай тимир суол — диэн ааттанммыта).

🔹1910 — Дьокуускайга ибир ардах түспүт.

🔹1912 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ Кэнтик нэһилиэгэр Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Алексей Миронов төрөөбүт.

🔹1915 сыллаахха Өлүөхүмэ Кыыллаах нэһилиэгэр Социалистическай Үлэ Геройа, оҕуруот аһын үүннэрээччи Матрена Корнилова төрөөбүт.

🔹1916 сыллаахха Өлүөхүмэ Чаара нэһилиэгэр Уолбут диэн сиргэ РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа Матрена Слепцова төрөөбүт.

🔹1917 — Кыһыл гвардия төрүттэммит күнэ.

🔹1925 — «Саха кэскилэ» уопсастыба уопсай мунньаҕа буолбут. П. Ойуунускай дакылаат оҥорбут. Мунньах устаабы бигэргэппит. Уопсастыба туһунан хайысхаларынан үлэлииргэ 8 салааны тэрийбит.

🔹1956 — «Хотугу сулус» альманах сурунаал буолбут. 6 нүөмэртэн түөрдэ сахалыы, иккитэ — нууччалыы тахсар буолбут, тирааһа — 4 тыһ. экземпляр.

🔹1960 — Дьокуускайга Саха живописеһа Лилия Попова төрөөбүт.

🔹1990 — бөлүһүөпүйэ билимин хандьыдаата, Эдьигээн улууһуттан төрүттээх Николай Васильев өлбүт.

Историяҕа ааттара кыһыл көмүс буукубанан суруллар дьоммут туһунан сиһилии:

https://sah.wikipedia.org/wiki/Миронов_Алексей_Афанасьевич

https://sah.wikipedia.org/wiki/Корнилова_Матрена_Матвеевна

https://sah.wikipedia.org/wiki/Слепцова_Матрёна_Васильевна

«Бу ыстатыйа аһара кылгас эбит: https://sah.wikipedia.org/wiki/Хотугу_сулус_(сурунаал) Ким эмит арыый хаҥатыа дуо?», — диэн суруйар Сахалыы Бикипиэдьийэ дьаһабыла Николай Павлов.

This post was published on 11.04.2020 09:01 09:01