Бэлиэ күннэр
- Ираан — Дойду күнэ (1979)
- Ииндийэ (Одиша) — Одиша күнэ
- Кипр — Аангылыйа колонизатордарыттан босхолонор охсуһуу саҕаламмыт күнэ
- Мальта — Көҥүл күнэ (1979) (Аангылыйа байыаннай баазата сабыллыбыт)
- Сан-Марино — саҥа Капитан-Регент дуоһунаска киирэр күнэ
- Таиланд — Судаарыстыбаннай сулууспа күнэ
- Танзания — Мас олордор күн
- Соҕуруу Африка — Ыал күнэ
- Япония — Мияко одори (үҥкүү сааскы бэстибээлэ)
- Сиэниллэр кинигэ күнэ — бу күн эгэлгэ көрдөөх күрэстэр ыытыллаллар, холобур, кинигэ курдук туорт оҥорууга
- Ха б-Нисан, ассириялар Саҥа дьыллара
- Муус устар ый бастакы күнэ, бу ый григориан халандаарыгар төрдүс, сылга бастакынан лоп курдук 30 хонуктаах. Соҕуруу эҥэлэйгэ бу ый күһүнү, оттон хотугу эҥэлэйэгэ — сааһы кытта ситимнээх. Муус устар ый сахалыы аата балаҕан муус түннүгүн устан, сайыҥҥы түннүгү олордор кэми кэрэһэлиир.
Түбэлтэлэр
- 33 — биир устуорук этэринэн бу күн Киристиэс Кистэлэҥ киэһэтэ буолбут[1][2]. Үөрэнээччилэрин ыҥыран аһаппыт уонна кириэскэ тиириллиэн иннинэ тиһэх кэс тылын эппит.
- 325 — Цзинь импиэрийэҕэ түөрт саастаах Чэн-ди аҕатын Мин-ди бөрүстүөлүн тутан хаалбыт.
- 1340 — Дания омугун дьоруойа Нильс Эббесен Данияны баһылаан олорбут ньиэмэс наместнигын Герхард III утуйар хоһугар киирэн төбөтүн быһа охсубут.
- 1545 — бөдөҥ үрүҥ көмүс хостонор сирэ арыллыбытын кэннэ билиҥҥи Боливияҕа Потоси куорат үөскээбит. Потоси билигин Соҕуруу Америка бөдөҥ куораттарыттан биирдэстэрэ.
- 1808 — Александр I ыраахтааҕы Финляндия үйэлэргэ Арассыыйаҕа холбонорун туһунан биллэрбит.
- 1867 — Сингапур Британия хоруонатын холуонньата буолбут.
- 1928 — Муус устар ыйыгар Ньурбаҕа маҥнайгы тыраахтар кэлбит.
- 1933 — соторутааҕыта рейхстаагка талыллыбыт нацистар Юлиус Штрейхер ыйыытынан-кэрдиитинэн дьэбириэйдэр бас билэр тэрилтэлэрин, маҕаһыыннарын бойкуоттаабыттар, бу Германияҕа тэрээһиннээх антисемиттыы дьайыылартан бастакылара этэ.
- 1938 — Швейцарияҕа аан бастаан киэҥ араҥаҕа суураллар кофены көрдөрбүттэр.
- 1939 — Испанияҕа Гражданскай сэрии түмүктэммит. Франко толору кыайыыны ситиспитин биллэрбит.
- 1940 — Нью-Джерсигэ бастакы электрон микроскобу көрдөрбүттэр.
- 1948 — Фарер арыылара Данияттан автономияны ылбыттар.
- 1949 — Кытай гражданскай сэриитэ (1927-1949): үс сыл сэрии кэнниттэн Кытай хомуньуус баартыйата Гоминьданы (Кытай омугун баартыйатын) кытта Пекииҥҥэ көрсөн эйэлэһии туһунан кэпсэтэ сатаабыттар.
- 1961 — РСФСР Педагогика билимигэр акадьыамыйатын Төрүт оскуолаларын чинчийэр институтун Саха сиринээҕи филиала Дьокуускайга аһыллыбыт. Кэлин бу тэрилтэҕэ олоҕуран СӨ Төрүт оскуолаларын института тэриллибитэ.
- 1969 — Кытай компартиятын IX сийиэһигэр «культурнай өрөбөлүүссүйэ» түмүктэммитин биллэрбиттэр.
- 1976 — «Москуба — Новосибирскай — Дьокуускай» маршрутунан Ту-154 сөмүлүөт көтөр буолбут.
- 1977 — Стив Джобс уонна Стив Возняк Apple Computer хампаанньаны олохтообуттар.
- 1979 — Референдум түмүгүнэн Ираан ислаам өрөспүүбүлүкэтэ диэн ааттаммытын туһунан аятолла Хомейни биллэрбит.
- 1986 — Дьокуускайга 1986 сыллаахха буолбут дьалхаан бастакы күнэ: омугунан атаҕастабылтан абарбыт устудьуоннар улахан бөлөхтөрө Сэргэлээх уопсайдарын аттыгар мустубуттар, кинилэри кытта МВД миниистирин солбуйааччыта көрсүбүт.
- 1997 — саҥардыы вице-премьерынан анаммыт Борис Немцов көҕүлээһининэн бэрэсидьиэн Ельцин Арассыыйа чунуобунньуктара дойдуга оҥоһуллубут массыынаннан эрэ сылдьыахтаахтарын туһунан ыйаахха илии баттаабыт.
- 1997 — Японияҕа «Покемон» аниме бастакы эпизода тахсыбыт.
- 1999 — Нунавут Канаадаҕа Хотугулуу-Арҕаа сирдэртэн аарарыллан туспа салайыллар сир буолбут. Бу Канаада иэнинэн саамай бөдөҥ сиригэр, 40-ча тыһыынча эрэ киһи олорор, онтон үксэ инуит омуктар. Инуиттар уопсай ахсааннара аан дойдуга 150-ча тыһыынча, үгүстэрэ Канаадаҕа (65 тыһ.), Гренландияҕа (50 тыһ.), Данияҕа уонна Аляскаҕа (16-лыы тыһыынча) тарҕанан олороллор.
- 2004 — Gmail үлэтин саҕалаабыт, Google хампаанньа босхо e-mail сервиһэ.
- 2016 — Хайалаах Карабаахха сэрии хат күөдьүйбүт.
Төрөөбүттэр
- 1809 — Николай Гоголь (1852 өлб.), Полтава күбүөрүнэтигэр — нуучча улуу суруйааччыта
- 1891 — Руф Кардашевскай, Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕар — Гражданскай сэрии кэмигэр Пясталов этэрээтин разведкатын начаалынньыга, Бүлүү уокуругун Сэбиэтин ситэриилээх кэмитиэтин бэрэстээтэлэ, Саха АССР сирин наркомун солбуйааччы, тыа хаһаайыстыбатын «Салҕабыл» иэс биэрэр табаарыстыба бэрэстээтэлэ, Сельхозбанк салайааччыта, Саха АССР наркоматын Москубатааҕы бэрэстэбиитэлэ.
- 1923 — Лев Габышев — саха живописеһа, Саха АССР ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ.
- 1928 — Василий Яковлев-Далан, Боотур уус (Чурапчы) улууһун Кытаанах нэһилиэгэр — саха норуодунай суруйааччыта.
- 1939 — Симон Федотов (01.04.1939—2004) — Российскай Федерация үтүөлээх артыыһа.
- 1951 — Василий Филиппов, тиэхиникэ билимин дуоктара, бэрэпиэссэр.
- 1960 — Сергей Семенов, Эдьигээҥҥэ — гепатиттары чинчийэр учуонай, мэдиссиинэ билимин дуоктара.
- 1961 — Петр Черемкин — 2008-2017 сыллардаахха Муома улууһун баһылыга.
- 1963 — Клавдия Хатылаева — саха ырыаһыта.
- 1973 — Елена Миклашова — бэлиитикэ билимин хандьыдаата.
- 1977 — Яна Байгожаева, поэтесса, суруналыыс.
Өлбүттэр
- 1906 — Коста Хетагуров (1859 төр.), бэйиэт, осетин литэрэтиирэтин төрүттээччи.
- 2002 — Симо Хэүхэ, аан дойду бастыҥ бэргэн ытааччыта.
- 1987 — Николай Заболоцкай — Чысхаан (21.11.1908 төр.) — прозаик, литератураны ырытааччы,
- 1990 — Леонид Попов (Сунтаар улууһун Арыылаах нэһилиэгэр 14.08.1919 төр.) — саха норуодунай бэйиэтэ (1989)
- 2017 — Евгений Евтушенко (1932 төр.), бэйиэт уонна прозаик, ССРС уонна РФ судаарыстыбаннай бириэмийэлэрин лауреата.
This post was published on 01.04.2022 09:01 09:01