Россия бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин 2020 сыл муус устар 1 күнүттэн дойду үрдүнэн социальнай биэнсийэни индексациялыыр туһунан уурааҕы бигэргэттэ. Бу туһунан ТАСС-ка сигэнэн НВК «Саха» иһитиннэрэр.
«Индексация коэффициена 1,061-гэ тэҥнэстэ, онон биэнсийэ кээмэйэ 6-тан тахса %-нан үрдүөҕэ. Индексация түөрт мөлүйүөн кэриҥэ дойду олохтооҕун хабыаҕа», – диэн Россия үлэҕэ уонна социальнай көмүскэллээх буолууга миниистирэ Антон Кутяков эттэ.
2019 сылга төлөбүр орто кээмэйэ 9266 солкуобайга тэҥнэһэрэ.