Муус суолунан сырыы 30 тоннаттан ыйааһыннаах массыыналарга хааччахтаныаҕа

Кулун тутар 26 күнүттэр Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан Өлүөнэ өрүһү туоруур уонна Хаандыга — Мэҥэ Алдан хайысханан Алдан өрүһү туоруур муус суолунан сырыы уйуга 30 тоннаттан ыарахан ыйааһыннаах массыыналарга хааччахтаныаҕа.


Муус устар 1 күнүттэн маннык хааччахтааһын Бүлүү өрүһү туоруур кыһыҥҥы суолларга олохтонуоҕа.

Маны тэҥэ Хатас – Павловскай уонна Кангаласс – Суотту хайысхаларынан Өлүөнэ өрүһү туоруур кыһыҥҥы муус суолларга эмиэ 30 тоннаҕа эрэ диэри ыйааһыннаах массыыналарга сырыы биллэриллиэҕэ.⠀⠀

«Сырыы уйугун хааччаҕа уонна суол сабыллыытын болдьоҕо күн-дьыл туругуттан уонна муус халыҥыттан уларыйыан сөп», — диэн этиллэр.

Билиҥҥи туругунан Саха сирин үрдүнэн уопсайа 49 кыһыҥҥы муус суолунан сырыы барар.

This post was published on 19.03.2020 13:55 13:55