Саха Өрөспүүбүлүкэтин тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, муус устар 1 күнүттэн муус суолларга тиэхиникэ уйугар хааччахтааһыннар киириэхтэрэ.
Кыраапык маннык бигэргэннэ:
«Вилюй» суол управлениетын көрүүтүгэр баар «Бүлүү» уонна «Халыма» федеральнайдааҕы суолларга муус устар 1 күнүттэн — 30 туоннаҕа диэри; муус устар 8 күнүттэн 20 туоннаҕа диэри; муус устар 15 күнүттэн бары тырааныспардарга муус суол сабыллар.
Бу дьаһал Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан, Бүлүү эбэни туоруур түөрт муус суолга, Алдан өрүскэ эмиэ көрүллэр.
Саха сирин айан суолларын управлениетын көрүүтүгэр баар регион уонна муниципальнай таһымнаах суолларга муус устар 10 күнүттэн 20 туоннаҕа диэри уйук кыччыаҕа. Барыллаан быһаарыынан, муус устар 15 күнүттэн барыта сабыллар.



