Муус суол сабыллыан иннинэ былааннаммыт таһаҕас барыта тиэллэн кэллэ

DCIM100MEDIADJI_0370.JPG

Өрүөнэ өрүһүнэн муус суол сабыллыан иннинэ өрөспүүбүлүкэҕэ былааннаммыт таһаҕас толору тиэллэн кэллэ. Ол туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Михаил Никифоров мунньахха эттэ.

« «Тимир суоллар» уонна «Россия тимир суоллара» хампаанньалар ситимнээх үлэлэрин түмүгэр, 260-тан тахса вагон социальнай суолталаах табаар «Аллараа Бэстээх» ыстаансыйаҕа болдьоҕун иннинэ аҕалылынна», — диэтэ Михаил Никифоров.

Тимир суол, баазалар үлэһиттэрэ, тырааныспар, тыа хаһаайыстыбатын, предпринимательство министиэристибэлэрэ, нэһилиэнньэ куттала суох олоҕун хааччыйар кэмитиэт, биэдэмистибэннэй тэрилтэлэр, предпринимателлэр көмөлөрүнэн «Хотугу тиэйии-таһыы» уочараттаах түһүмэҕэ муус суол сабылла илигинэ ситиһиилэээхтик түмүктэннэ, диэтэ вице-премьер.

Кулун тутар 10 — муус устар 15 күннэригэр «Аллараа Бэстээх» ыстаансыйатыгар барыта 1246 вагон сүөкэннэ, ол иһигэр 725 вагон норуот хаһаайыстыбатын бородууктата уонна табаара. Сыл саҕаланыаҕыттан тимир суолунан 471,4 тыһ туонна таһаҕас кэллэ, бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн 21% элбэх. Өрөспүүбүлүкэҕэ 130,8 тыһ туонна таһаҕас контейнердарга, 187,7 тыһ туонна уматык, 38,5 тыһ туонна ас-үөл, 22,2 тыһ туонна тутуу матырыйаала аҕалылынна.

This post was published on 19.04.2022 11:01 11:01