Муус Дьокуускай туһаайыытынан ыам ыйын 15 — 16 күннэригэр кэлэрэ бэлиэтэнэр. Муус барыытын онлайн эрэһиимҥэ көрүөххэ сөп.
«Муус хамсааһынын видеонан кэтээн көрбүппүт 10 сыл буолла. Сүрүн сорук — халаан уутун мониторина. Сорох күн онлайн нөҥүө хас да тыһыынча киһи көрөн олорор буолар», — диэтэ уу ресурсаларын федеральнай ааҕыныстыбатын Лена бассейнын управлениетын салайааччыта Петр Аргунов.
Дьокуускайга камералар уу хачайдыыр сир уонна Кангалас таһынан тоҕойго туруорулуннулар.
This post was published on 14.05.2024 12:33 12:33