Сэтинньи 1 күнүттэн Саха сиригэр кыһыҥҥы кэмҥэ уу эбийиэктэригэр сэрэхтээх буолуу ыйа саҕаланна. Дьаһал дьон уонна тырааныспар муус анныгар былдьамматын, көҥүлэ суох сиринэн айан бобулларын сэрэтэр сыаллаах ыытыллар, суруйда ЫБММ Саха сиринээҕи салаата.
Биллэриллибит ый чэрчитинэн сулууспа ыытар:
- уу эбийиэктэригэр манааһын уонна мониторинг;
- муус халыҥын кэмнээһин;
- көҥүлэ суох сирдэринэн тырааныспар мууска тахсыытын бобуу.
Санаттахха, муус суол официальнайдык арылла илигинэ мууска тырааныспарынан тахсыы иһин ыстыраап 1 мөл солк дылы буолар.
This post was published on 02.11.2024 14:05 14:05