Мууһу да уулларар кыахтаах “норуот дипломатията”

Америка суруйааччыта Дэвид Рамсер от ыйын 12 күнүгэр Дьокуускайга Растопить ледяной занавес. Невероятная история народной дипломатии на границе России и Аляски” диэн нууччалыы тылынан тахсыбыт кинигэтин сүрэхтээтэ.

edersaas.ru

Лоп курдук 30 сыллааҕыта Рамсер “Полет дружбы” диэн ааты ылбыт, Америка  (Ном, Аляска) уонна Арассыыйа (Провидения, Чукотка) икки ардыларыгар, историяҕа киирбит авиарейсы тэрийэргэ көмөлөспүтэ. Кини ити кэмнэргэ Аляска икки күбүрүнээтэригэр пресс-сэкирэтээринэн, дьаһалта баһылыгынан, тас бэлиитикэҕэ сүбэһитинэн, о.д.а. эппиэттээх дуоһунастарга үлэлээбитэ. Дэвид Рамсер, Арассыыйа уонна АХШ олохтоохторо, бэйэ-бэйэлэриттэн уонча да биэрэстэни кыайбат усталаах Беринг муора силбэһиитинэн арахсан олорор, үгүстэр аймах-уруу дьон, көрсүһэр туһуттан хайдах курдук дьиҥнээх “норуот дипломатиятын” ыытыыларын туоһутунан буолбута.

Кинигэ нууччалыы тылбааһа Владивостокка бэчээттэммит. Айымньыны Арассыыйа куораттарыгар билиһиннэрии Уһук Илиҥҥэ АХШ Генеральнай консульствотын өйөбүлүнэн ыытыллар.

Дьокуускайга тэрээһин иннинэ, ХИФУ суруналыыстыкаҕа кафедратын сэбиэдиссэйэ, “Саха сирин суруйааччылара” ассоциация салайааччыта Олег Сидоровкөҕүлээһининэн, Рамсер суруналыыстары кытта көрсүстэ, үгүс ыйытыыларга хоруйдаата.

Кини бу кинигэтигэр, 150 сыл анараа өттүгэр Аляска Америкаҕа атыыланыытыттан саҕалаан, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар “Алсиб” салгын трассатын, онтон сэрии кэнниттэн державалар икки ардыларыгар, этэргэ дылы, “холодная война” саҕаланыытын, 1948 с. кыраныысса сабыллыытын,  онтон СССР-га уларыта тутуу буолан – “мууһурбут быыс” ууллан барыытын,  80-с сылларга Чукотка уонна Аляска төрүт олохтоохторун көҕүлээһиннэринэн, сыһыан балачча тупсарыллыытын… онтон да атын интэриэһинэй тиэмэлэри арыйар уонна, бу сабыытыйалар биһиги бүгүҥҥү “сойо быһыытыйбыт” сыһыаннаһыыларбытыгар, олохпутугар үтүө холобур буолуохтарын сөп, мин итинник оптимистыы көрүүлээхпин, диир.

Ааптар, Аляска — Уһук Илин, Саха сирэ сибээстэһиилэригэр, уларыйа турар Арктика боппуруостара  бииргэ үлэлэһэргэ ордук тоҕоостоох эйгэнэн буоларын бэлиэтээтэ. Арктика аҥара Арассыыйаҕа, онон АХШ Арассыыйаттан уопут ылыан сөп, диэтэ. Манна даҕатан эттэххэ, Хотугу Форум секретариата билигин Дьокуускайга баар.

Аляскага английскайдыы тылынан былырыын бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэтин ааптар Америкаҕа Вашингтоҥҥа уонна үөрэммит сиригэр Хотугу Каролина штатыгар сүрэхтээбит. Аляска штатыгар кинигэтин 50-ча куоракка билиһиннэрбит.

Дьокуускай куораттааҕы Национальнай гимназия учууталлара Венера Илларионовна, Дора Егоровна Саха сирин оҕолорун ааттарыттан Аляска оҕолоругар сувенир ыыттылар. Дэвид Рамсерга тылбааска бу гимназия выпускнига, ХИФУ ыстаарсай преподавателэ  Валентин Стручков көмөлөстө.

Оттон бу, 1 тыһыынча ахсаанынан нуучча тылынан тахсыбыт  кинигэни сүрэхтээһин Дьокуускайтан салгыы тоҕо Владивостокка, Хабаровскайга, Магадаҥҥа, Анадырьга, Камчаткатааҕы Петропавловскайга – ол аата, Аляскаҕа доҕордуу-куораттардаах сирдэргэ ыытыллыаҕа эмиэ өйдөнөр.  Манна эбэн эттэххэ, бу куораттартан чуолаан Дьокуускай (Арассыыйа, Саха сирэ) уонна Фэрбенкс (АХШ, Аляска) билигин биир саамай көхтөөхтүк сибээстэһэр доҕордуу-куораттарынан буолаллар диэтэ Рамсер.

Татьяна МАРКОВА, edetsaas.ru

Вероника Аммосова (СИА) уонна ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.

 

Биллэрии

“Растопить ледяной занавес” кинигэни интэриэһиргээбит дьон билигин хайыы үйэҕэ атыылаһыаххытын сөп: “Айсберг” ТЦ, 4-с этээскэ “Книжный маркет” маҕаһыыҥҥа уонна Ярославскай уул., 16/1 “Книжный маркет” маҕаһыыҥҥа. Сыаната 300 солк.  Ыйыталаһар телефон 741-423.

Бастакы атыылаһааччылар автографтаах кинигэни ылар кыахтааххыт!

This post was published on 13.07.2018 16:26 16:26